22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Туймаада» агрохолдинг: Нэһилиэнньэҕэ толору тиийэр аһы-үөлү бэлэмниибит

17:23, 23 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһу кытта охсуһуу кэмигэр «Туймаада» агрохолдинг салалтата бэлиэтииринэн, кинилэр хаачыстыбалаах бородууксуйанан бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйар кыатаахтар. 


«Бэйэ бородууксуйатынан толору Дьокуускай куорат эрэ олохтоохторун буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйар кыахтаахпыт», — диэтэ СИА-ҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Павел Трофимов.

Кини эппитинэн, хампаанньа 20 көрүҥҥэ тиийэ кууруссаттан бородууксуйаны, Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатын үс көрүҥ сымыытын атыыга таһаарар. Эт бородууксуйатын Хатастааҕы сибиинньэ комплекса уонна олохтоох ынах этэ оҥорор. Үүт аһы «Бөртө-Ас» ТХПК, «Новай» ХЭУо уонна «Кладовая Олекмы» сыра хааччыйаллар. 30 көрүҥ полуфабрикат, ол иһигэр тоҥ уонна ыыһаммат балык баар.

«Агрохолдинг Дьокуускайга, Намҥа уонна Покровскайга маҕаһыыннардаах. Сыанабыт удамыр», — диэтэ Трофимов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА