22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Трутнев эппитинэн илиҥҥи экономика форумугар омук дойдуларыттан кыттыахтара

15:28, 27 июня 2023
Текст:
Фото: Архив ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйыгар Владивостокка буолар Илиҥҥи экономика форумугар (ВЭФ) омук дойдуларыттан ыалдьыттар, ол иһигэр дойдулар салалталара, баар буолуохтара. Ол туһунан ТАСС-ка РФ вице-премьера — УИФУо президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев интервьюга эттэ.

«Омук ыалдьыттарын күүтэбит, дойдулар салалталарын. Кимнээҕин билигин эппэппин», — диэтэ кини. Трутнев бэлиэтээбитинэн, ВЭФ быйылгы ыҥырыыта — «На пути к сотрудничеству, миру и процветанию» диэн. Тас дойдулары кытта кэпсэппэт буоллахпытына, испитигэр сайдыыбытыгар ставка уурар кыах суох диэн бэлиэтээтэ.

«Илиҥҥэ Россияны тулалыы олорор элбэх дойду биһигини кытта бииргэ үлэлииллэр.  Транспортнай поток Уһук Илиҥҥэ хайыста, биһиги баҕарбыт курдук сценарийдаммата эрээри, буолла», — диэтэ кини.

Вице-премьер бэлиэтээбитинэн, форум биир сүрүн тиэмэтинэн — анал байыаннай дьаһал буолуоҕа. «Биһиги дойдубут кыайарын туһугар тугу оҥоробут диэн боппуруос туруоҕа. Ити эрээри пленарнай сессияҕа чуолаан туох буоларын Российскай Федерация президенэ быһаарыаҕа», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА