«Украина конфлигын тохтотуом. Аан Илиҥҥэ буола турар хаоһы тохтотуом уонна үһүс аан дойдутааҕы сэриини тахсыытын эрдэттэн туоратыам. Эһиги бэйэҕит да толкуйдаан көрбөккүт, онно бэрт кыра кэм хаалбытын», — диэтэ Трамп.
Маны сэргэ кини дойду кыраныыссатын көмүскээһиҥҥэ уонна интэриэстэригэр күүһү күүһүрдэргэ болҕомто уурулларыгар эттэ, атын судаарыстыбаларга буолбатах.
«Элбэх сыл устата атын дойдулары бөҕөргөтөн, кинилэр кыраныыссаларын уонна территорияларын харыстаан кэллибит, билигин бэйэбит дойдубутун тутуохпут, кыраныыссаларбытын көмүскүөхпүт, гражданнарбытын харыстыахпыт», — диэтэ бэлиитик.