30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

«TOОKУ-2» ойуулукка Эбээ Ньээм хантан кэлбитин билэҕин?

16:02, 28 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаала
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл саас «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэ дириэктэрэ Александр Артемьев уонна  «САХА» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков оҕо төрөөбүт тылынан саҥарыытын уонна  саха омук төрүт дьарыгын тула санаа атастаспыттара.

Александр Еремеевич оҕоҕо хайаан да болҕомтону ууруохха наада диэн бэлиэтээбитэ. «Биһиги инники кэскилбит оҕоҕо сытар. Онтон оҕолорбутун сахалыы ииттэхпитинэ эрэ, инникитин тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир-хамсыыр дьон тахсыаҕа. Эппиккэ дылы, сүрэхтиин-быардыын тыа сиригэр, сүөһү-сылгы иитиитигэр, сир үлэтигэр чугас дьон. Төрөөбүт тылбыт – биһиги төрүт дьарыкпытыгар, итэҕэлбитигэр, культурабытыгар түмүллэ сылдьар. Онон биһиги саха төрүт дьарыгын – ынах-сылгы иитиитин – нөҥүө оҕолору сахалыы саҥардарга кыһаллабыт», — диэн тоһоҕолоон эппитэ Александр Артемьев.

Кырдьык, төһө кыалларынан оҕолору кытта үлэлэһэ сатыыбыт. Ол курдук «Чуораанчык» оҕо сурунаалын кытта үлэлэһэн саха ынаҕын, сахалар дьарыкпыт туһунан матырыйааллары таһаартарбыппыт.

Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа уонна «Оҕо толору сайдар киинэ» гимназияҕа алын кылаас үөрэнээччилэригэр кылаас чааһа тэрийбиппит. Оҕолор сүрдээҕин астынан, саха омуга бэйэтэ ураты сүөһүлээҕиттэн киэн туттан харахтара үөрэн мичилиспиттэрэ.

Александр Артемьев этиитин өйөөн Олег Марков бииргэ үлэлэһэргэ этии киллэрбитэ.
Ол түмүгэр  «TOОKУ-2» — оҕолор хайҕабылларын ылбыт ойуулук иккис сезонугар саҥа уобараста киллэриэххэ диэн буолбута.

Салгыы «САХА» НКИХ  сахалыы оҕо ойуулугун редактора Анна Васильеваны уонна сценарий суруйааччы Саргылаана Сандары кытта үлэлээн, «TOОKУ-2» ойуулукка Эбээ Ньээм диэн уобарас эбиллибитэ. Худуоһунньук Вика Кейметинова.

Эбээ Ньээм – мээнэ ынах буолбатах, бу саха ынаҕа. Кини норуот муудараһын бэйэтигэр иҥэриммит аныгы эбээ. Саха омук ураты көрүүтэ, оҕону иитиитэ, муудараһа манна түмүллэр.

Онон күндү ааҕааччыларбыт, Эбээ Ньээм уобараһын оҕолоргутугар арыйан биэрин. Эбээ Ньээм– Саха ынаҕа.

Кэлэр сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо-аймах сылынан биллэриллибитэ. «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэ оҕолору кытта үлэлииргэ өссө да былаана киэҥ. Сотору кэминэн, оҕону сахалыы саҥардыыга анаан «Ханыы» диэн оонньуутун таһаарыаҕа. Оонньуубутун туппутунан, уһуйааннарга, оскуолаларга барыахпыт.

«САХА» НКИХ генеральнай дириэктэригэр Олег Марковка махталбытын тиэрдэбит. Чиряевтар ааттарынан национальнай гимназия норуот педагогикатын салайааччытыгар Татьяна Жирковаҕа, «Чуораанчык» сурунаал кэлэктиибигэр махталбылын биллэрэбит.
Эһиги омукпут инники кэскилин туһугар ыытар үлэҕитин үрдүктүк сыаналыыбыт. Инникитин да бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит, диэн суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаала.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА