От ыйын 15 күн киэһэ Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэппит эһэни суох гыннылар. Регион экологияҕа министиэристибэтэ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, адьырҕа кыыллар нэһилиэк чугаһыгар бэлиэтэнэр түгэннэригэр тустаах быһаарыылар ылыллыахтара.
Санатан эттэххэ, от ыйын 14-тэн 15-гэр диэри түүн эһэ чааһынай тиэргэҥҥэ киирбитэ. Хаһаайыттар сарсыарда турбуттара кууруссаларын уйатын килиэккэтэ алдьаммыт, ону тэҥэ сорох кууруссалар тиийбэттэр эбит.
Эрдэ, от ыйын 12 күнүгэр, бу эһэни Хаандыга бөһүөлэгиттэн 7 км ыраах турар «Заплава» учаастака бэлиэтии көрбүт буолуохтарын сөп.