22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тохсунньуттан тыа сирин олохтоохторо 2,7%-наах ипотеканан туһанар буоллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сыл тохсунньутуттан өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар «Тыа сирин ипотеката» диэн бырагыраама үлэтин саҕалаата. СИА бу өҥөнөн туһаныыга туох ирдэнэрин билистэ. 


Былырыын Россия бырабыыталыстыбата «Тыа сирин биир кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманы бигэргэппитэ. 2020 — 2025 сыллларга анаммыт. Үбүлээһинэ да ботуччу – 2,3 триллион солк (1 триллион солк тахсата федеральнай бюджеттан). Бырагыраама биир сүрүн хайысхатынан тыа сиригэр олорор дьиэни тутуу буолар. Манна кыра бырыһыаннаах ипотеканы биэрии эмиэ киириэхтээх – 2,7%.

«Биһиги бааммыт «Тыа сирин ипотеката» бырагыраамаҕа үлэтин саҕалаата. Дьон саҥа да тутулла турар дьиэҕэ киирсиэхтэрин эбэтэр иккис ырыынактан да ылыахтарын сөп. Өскөтүн бэйэҥ бас билиигэр учаастактаах буоллаххына, бэдэрээт дуогабарынан дьиэ туттарыаххын сөп. Эбэтэр салгыы дьиэ туттарга анаан учаастак ылыахха сөп», — диэн иһитиннэрдэ «Россельхозбанка» Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэлэ Герасим Васильев.

Усулуобуйалар тустарынан манна аах https://ysia.ru/s-yanvarya-2020-goda-zhiteli-sel-yakutii-mogut-oformit-ipoteku-pod-2-7-godovyh/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА