23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тохсунньутааҕы “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ Чурапчы улууһуттан 71 үөрэнээччи кыттыаҕа

Хаартыска: Саҥа олох хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 9-11 күннэригэр, Дьокуускай куоракка “Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр билим кэмпириэнсийэ-куонкурустара ыытыллара былааннанар.

Үөрэнээччилэр Сахабыт сирин киинигэр тохсунньу 9-11 күннэригэр тоҕуоруһа мустуохтара. Күн бүгүн бары улуустааҕы түһүмэхтэр түмүктэннилэр, 1800 кыайыылаах билим 13 хайысхатыгар 42 сиэксийэҕэ эспиэртэр иннилэригэр үлэлэрин көмүскүөҕэ.

“Сахалартан бастакы академик, биллиилээх учуонай Владимир Петрович Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ быйыл Чурапчы улууһугар XXVIII-c төгүлүн ыытылынна. Манна 14 хайысханан барыта холбоон 338 оҕо кэлэн кытынна. Кинилэр үлэлэрин ХИФУ учуонайдара, аспираннара, Чурапчы улууһуттан экспиэрдэр, учууталлар сыаналаабыттара. Бу үөрэнээччилэртэн лауреат уонна 1, 2 миэстэни ылбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэ түһүмэҕэр кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ сылын аайы тохсунньу ыйыгар буолар. Чурапчы дэлэгээссийэтин иһигэр араас хайысхаларга барытыгар 71 оҕо киирдэ.

Күүстээх бэлэмнэнии үлэтэ ыытылла турар. Маныаха улуустарынан хамаанданан сочуот диэн баар, Чурапчы улууһа улахан оройуоннар бөлөхтөрүгэр киирсэр. Былырыын хамаанданан бастакы миэстэни ылбыппыт, иллэрээ сыл иккис миэстэҕэ тиксибиппит. Онтон бу 28 сыл устата кэтээн көрөр эбит буоллахха, Чурапчы улууһа үгүстүк үрдүк сценаҕа тахсыбыта, биир эрэ сыл миэстэттэн мэлийбиппитин өйдүүбүн. Бу сүүрбэ ахсыс төгүлүн ыытыллар кэмпириэнсийэҕэ Мария Хоютанова оҕолоро сырыы аайы өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумнарга тиийэ ситиһиилээхтик кытталлар. Кинини сэргэ Фекла Болдовская, Наталья Белолюбская, Кытаанахтан Евдокия Миронова үөрэнээччилэри хас сылын аайы бэлэмнээн кытыннараллар.

Эбии ааттаатахха Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан Павлина Матвеева, Мугудай, Сылаҥ, Арыылаах, Кытаанах, Соловьев, Одьулуун оскуолаларын ааттыахха сөп. Бу кэмпириэнсийэ 42 араас хайысханы хабар. Онон бэлэмнэнии үлэтэ тэтимнээх, биһиги гимназиябыт үөрэнээччилэрэ эмиэ өрүү миэстэлэһэллэр, хамаанда сүрүн күүстэрэ диэхпитин сөп. Бу кэмпириэнсийэ оҕолорго тугу биэрэрий диир эбит буоллахха, оҕолор манна науканы кытары чугастыы билсэннэр чинчийии үлэтин ыыталлар. Дьон иннигэр тахсан саҥарарга, наука алгоритмын сөпкө туһанарга, инники идэлэрин таларга, олохторугар олус туһалаах. Кэмпириэнсийэ сабыдыалынан үгүс оҕо инники идэтин үлэлэспит хайысхаларыгар талан үөрэнэ сылдьаллар.

 

Өскөтүн оҕо үчүгэйдик кытыннаҕына, экспиэртэр болҕомтолорун тардар түгэнигэр анал стипендия ананар. Итини таһынан үчүгэй үлэлэр Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ талыллан, мантан саас онно кытта барарга бэлэмнэнэллэр. Уһулуччу үчүгэй үөрэнээччилэр “СИРИУС” лааҕырга сынньаналлар. Сорохтор граннарга үлэлэһэллэр, холобура Дуолан Ноев, Николай Собакин ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Аны туран бу кэмпириэнсийэҕэ мээнэ оҕо кытта барбат, манна хайаан даҕаны кырата икки сыл устата чинчийиллэн үөрэтиллибит үлэ көмүскэниэхтээх. Ол инниттэн быстах, биир кэмнээх үлэни ол онно көҥүллээбэттэр”, — диэн СӨ үтүөлээх учуутала, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччы, СӨ наукатын алын академиятын иһинэн үлэлиир координационнай киин салайааччыта  Ирина Соловьева билиһиннэрдэ.

Кэмпэриэнсийэ эспиэртэрин сэбиэтигэр Максим Аммосов аатынан ХИФУ-тан, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университеттан, РНА СС Саха сиринээҕи билим кииниттэн, СӨ Билимҥэ академиятыттан 350 учуонай, преподаватель, аспирант, магистрант уонна устудьуон кыттыаҕа.

Кэмпириэнсийэ 2023-2024 үөрэх дьылынааҕы РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин тэрээһинин испииһэгэр киирбит. Кыайыылаахтар уонна призердар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэлэргэ уонна куонкурустарга кыттарга мэктиэлэниэхтэрэ.

Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Саҥа олох хаһыат, Чурапчы улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА