Россияҕа ох саанан уонна арбалетынан бултуур көҥүллэнэрин туһунан федеральнай сокуон 2020 сыл тохсунньу 30 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр диэн НВК «Саха» суруйар.
Сокуон барыла гражданскай сааҕа-саадахха киирсэр булт сэбин чуолкайдыыр. Билигин аны онно иитиллибит кэмигэр, тыыллымтыа чааһа механическай сыҕарыйбат балаһыанньаҕа тохтотор оҥоһуута суох, биитэр тохтотор оҥоһуулах ытар булт сэбэ эмиэ киирсэр буолуоҕа.
Ох сааны уонна арбалеты Росгвардияҕа учуокка туруоруллар. Бултуурга билиэттээх, ону тэҥэ сааны-саадаҕы харайыыга уонна илдьэ сылдьыыга көҥүллээх дьон, бу дьыл тохсунньу ыйын бүтүүтүттэн ох саанан уонна арбалетынан бултуохтарын сөп буолуоҕа.