1922 сыллаахха Москубаҕа Наркомнац коллегията Саха автономнай уобалаһын тэрийэргэ быһаарбыта. Ол кэннэ Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтин быһыытынан тутул муус устар 27 күнүттэн саҕаламмыта уонна 1992 сыллаахха диэри тутуһуллубута. Автономия тэриллиитигэр сүрүн оруолу Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов ылбыттара.
Бэлиэ күннэр
- Исландия — Йоль. Былыргы германскай омуктарга кыһын ортотун бэлиэтиир күн. Урут Кыһыҥҥы күн туруутун кытта ситимнээҕэ, билигин Ороһооспону кытта силлиһэн хаалбыт.
- Ямайка — Маруннар күннэрэ. Маруннар диэн Ямайка көҥүл буоларын туһугар Британия сэбилэниилээх күүстэрин утары сэриилэспит дьон.
Түбэлтэлэр
- 1912 — Ньиэмэс геофизига Альфред Вегенер бастакытын континеннар дрейфтэрин туһунан теориятын билиһиннэрбит.
- 1922 — Москубаҕа Наркомнац коллегията Саха автономнай уобалаһын тэрийэргэ быһаарбыт.
- 1907 — Аатырбыт теоретик педагог Мария Монтессори Римҥэ оробуочайдар оҕолоругар аналлаах бастакы оскуолатын уонна уһуйаанын арыйбыт.
- 1943 — Кыһыл Аармыйаҕа петлицалар оннуларыгар погоннар киллэриллибиттэр.
- 1959 — Дьокуускайга тиис поликлиниката олохтоммут.
- 2003 — СӨ вице-бэрэсидьиэнин 7-ВП нүөмэрдээх дьаһала тахсыбыт: «Бар-дьоҥҥо туһалаах омук литэрэтиирэтин таһаарыы туһунан».
- 2006 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга Национальнай уус-уран түмэлгэ сылдьан суруналыыстары кытта кэпсэтиитигэр «сахалар култуураҕытын өрө тута сылдьаргытытын үөрэ көрдүм» диэбит.
Төрөөбүттэр
- 1412 — Жанна д’Арк — англичааннары утары өрө турууну тэрийбит Франция национальнай дьоруойа, католицизмҥа сибэтиэй быһыытынан билиниллэр.
- 1596 — Богдан Хмельницкэй — Запорожскай Сэрии гетмана, Украина полководеһа уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- 1655 — Якоб Бернулли — Швейцария математига.
- 1905 — Степан Ефремов — драматуур, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- 1906 — Николай Мординов — Амма Аччыгыйа — саха норуодунай суруйааччыта (1966), Дьокуускай куоратын ытык киһитэ (1972). Кини аата иҥэриллибитэ: Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатыгар, «Кэскил» оҕо кинигэтин кыһатыгар (2014).
- 1910 — Мария Бурцева — саха бастакы идэтийбит суруналыыс дьахтара, «Кыым» хаһыакка үлэлээбитэ.
- 1932 — Николай Каратаев — 1987-1998 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун бэрэстээтэлэ, 1972-1987 сылларга Саха АССР прокурора, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин хас да ыҥырыытын дьокутаата. Кини аатын 1999 сылтан Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолата сүгэр.
- 1933 — Олег Макаров — сэбиэскэй космонавт, икки төгүллээх Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Дьокуускай куорат ытык киһитэ (1977).
- 1937 — Василий Роббек — Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын академика, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын Институтун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1992 сылтан 2008 сыллаахха диэри салайбыта.
- 1938 — Адриано Челентано — Италия ырыаһыта, киинэ артыыһа, режиссёра.
- 1949 — Сергей Кистенев (09.03.2003 өлб.) — Саха сирин чинчийбит археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- 1884 — Грегор Иоганн Мендель — Австрия биолога уонна ботанига, наследственность туһунан үөрэх сайдыытыгар сүҥкэн оруолу оонньообут киһи. Кини арыйбыт сокуоннарыгар (Мендель сокуоннара диэн ааттаналлар) аныгы генетика олоҕурбута.
- 1945 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туһунан үөрэх айааччыта, Украина Билим Академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
- 1949 — Виктор Флеминг — Оскар кыайыылаах АХШ киинэ режиссера уонна продюсера. Кини ордук аатырбыт киинэлэрэ The Wizard of Oz (1939) уонна Gone with the Wind (1939).