Уус-Алдан улууһун Танда сэлиэнньэтигэр олохтоох учуутал уонна краевед Иван Готовцев көҕулээһининэн устуоруйа уонна өрөбөлүүссүйэ түмэлэ аһыллыбыт. Түмэлгэ Петровскай Г.И. аата иҥэриллибитэ.
1968 сыллаахха Саха култууратын үлэһиттэрин III сийиэһэ саҕаламмыт.
Бүгүн киинэ режиссёра, сценарист, артыыс Леонид Гайдай, тылбаасчыт уонна библиограф Григорий Тарскай, саха худуоһунньук-дизайнера, график, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыгын ааптардарыттан биирдэстэрэ Владимир Игнатьев, саха балерината Ирина Пудова төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Ииндийэ — Көҥүл иһин охсуһууга охтубуттар кэриэстэбиллэрин күнэ
- Азербайдьан — Таможня үлэһиттэрин күнэ
- Франция — Круассан күнэ
- Бразилия — Саудаде күнэ (порт. саудаде — сайыһыы, ахтылҕан, сырдык курус, ностальгия — португаал тыллаахтар туттар уустук өйдөбүллэрэ)
Түбэлтэлэр:
- 1648 — Нидерланды уонна Испания ыккардыларынааҕы Аҕыс уон сыллаах сэрии түмүктэммит. Аан дойду бастакы буржуазнай дойдута — Нидерланды — тутулуга суоҕа билиниллибит.
- 1703 — Дьоппуоҥҥа бусидо диэн самурай кодексын кытаанахтык тутуспуттарынан номоххо киирбит 47 ронин тойонноро өлөрүллүбүтүн иэстэспиттэр.
- 1930 — Ленскэй улууһа тэриллибит.
- 1951 — Уус-Алдан улууһун Танда сэлиэнньэтигэр олохтоох учуутал уонна краевед Иван Готовцев көҕулээһининэн устуоруйа уонна өрөбөлүүссүйэ түмэлэ аһыллыбыт. Түмэлгэ Петровскай Г.И. аата иҥэриллибитэ.
- 1968 — Саха култууратын үлэһиттэрин III сийиэһэ саҕаламмыт.
- 1968 — Вьетнам сэриитин саҕана Вьетконг уонна Хотугу Вьетнам аармыйата Тет кимэн киириитин саҕалаабыттар. Бу сэриигэ хомуньуустар бастакы улахан кимэн киириилэрэ этэ. Мантан сылтаан Америка дьоно-сэргэтэ кыайыыны ситиһэргэ эрэллэрин сүтэрбиттэрэ.
- 1982 — Америкаҕа 15 саастаах Ричард Скрента бастакы көмпүүтэр вирустарыттан биирдэстэрин суруйбут.
Төрөөбүттэр:
- 1736 — Джеймс Уатт — Шотландия инженер-механига, айааччы, паар массыынатын айбыт киһи.
- 1882 — Франклин Делано Рузвельт — АХШ 32-с бэрэсидьиэнэ (1933—1945).
- 1893 — Иван Платонов — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Иккис Наахара нэһилиэгин маҥнайгы учуутала.
- 1923 — Леонид Гайдай — киинэ режиссёра, сценарист, артыыс, ССРС норуодунай артыыһа.
- 1908 — Григорий Тарскай — тылбаасчыт уонна библиограф, ССРС суруналыыстарын уонна суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1938 — Ислам Каримов — Узбекистан бастакы бэрэсидьиэнэ (1990—2016).
- 1948 — Владимир Игнатьев — саха худуоһунньук-дизайнера, график, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыгын ааптардарыттан биирдэстэрэ.
- 1959 — Ирина Пудова — саха балерината, Дьокуускайдааҕы Опера уонна балет тыйаатырын солистката, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1944 — Мартын Тепляков (10.01.1918 төр.) — сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүскэ үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1948 — Махатма Ганди (дьиҥнээх аата Моhандас Карамчанд Ганди) — Ииндийэ тутулуга суох буолуутун хамсааhынын тутаах басхана. Сатьяграhа диэн тиранияны күргүөмнээх олохтоох бас бэринимиинэн утарылаhыы бөлүһүөпүйэтин айааччыта.