Бу күн 1946 сыллаахха Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт. Ити эрээри тэрилтэ историята 1928 сыллаахтан саҕаланар диэн суруллар. Сэрии кэннинээҕи дьаһаллартан биирдэстэрэ нэһилиэнньэни сомоҕолуур сыалтан ылыллыбыта диэн историяны чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Кэлин Саха сирин музейдара бэйэлэрин уратылаах экспонаттарынан тас дойдуларга тиийэ биллэллэр.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Үөрэҕирии аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ билэринэн хамсыктан сылтаан балтараа миллиард оҕо оскуолаҕа сылдьар кыаҕа суох буолла. Сорохтор тэйиччиттэн үөрэххэ көстүлэр. Ол эрээри 463 мөлүйүөн оҕо оннук сатаан үөрэммэт – дьиэлэригэр көмпүүтэрдэрэ эбэтэр интэриниэттэрэ суох, эбэтэр ҕааддьыттары былдьаһаллар, холобур элбэх оҕолоох ыалларга. Ону таһынан сорох оскуолалар онлайн-үөрэҕи кыайан тэрийбэтилэр. «Үөрэҕи ылыы — киһи сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ, оттон үөрэхтээх буолуу — дойдулар бигэ сайдар сүрүн тосхоллоро» — диир ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Антониу Гуттериш.
- Эскимо күнэ
Түбэлтэлэр
- 1848 — Калифорнияҕа Сакраменто куоратыттан чугас уу миэлиҥсэтин тута сылдьыбыт болуотунньук Джеймс У. Маршалл кыһыл көмүс булбут. Сотору кэминэн Калифорния көмүс түрүлгэнэ саҕаламмыта.
- 1919 — Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) 1КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
- 1946 — Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
- 1984 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
- 2010 — Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.
Төрөөбүттэр
- 1879 — Григорий Чорос-Гуркин — Алтай уруһуйдьута, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр алтай омук хамсааһынын салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Омугунан телеут, Чорос ууһуттан төрүттээх.
- 1892 — Эрилик Эристиин — Семен Яковлев — саха бэйиэтэ, прозаига, биир биллэр айымньыта — «Маарыкчаан ыччаттара» арамаан. Кини аатынан литэрэтиирэҕэ бириэмийэ олохтоммута.
- 1915 — Анастасия Сыромятникова — сэһэнньит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, 1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- 1965 — Уинстон Черчилль — Улуу Британия бэлиитикэтин диэйэтэлэ, 1940—1945 уонна 1951—1955 сылларга премьер-миниистир.