Бэлиэ күннэр
Юлиан халандаарынан Саҥа дьыл. Юлиан халандаарынан ороһуспаны тохсунньу 7 күнүгэр бэлиэтиир дойдуларга бырааһынньык.
- ЮНЕСКО — Логика аан дойдутааҕы күнэ
- Соҕуруу уонна Соҕуруулуу-Илин Азия дойдулара — Сулус кэминэн кыһыҥҥы күн туруута (Күн Чубуку сулус бөлөҕөр киириитин бэлиэтииллэр.)
- Узбекистан — Дойду көмүскээччилэрин күнэ
- Ииндийэ — Кумааҕы «змейдэр» дойдулар ардыларынааҕы фестиваллара
- Грузия — Былаах күнэ. 2004 сыллаахха 500-чэ сыл туттуллубакка сылдьыбыт биэс кириэстээх былыргы былаах Грузия былааҕа буолбут
- Таиланд — Ойуур харыстабылын национальнай күнэ
- Тунис — Өрөбөлүүссүйэ уонна ыччат күнэ
- АХШ — Ратификация күнэ (Америка Өрөбөлүүссүйэтин түмүктээбит 1783 сыллааҕы Улуу Британияны кытары дуогабар)
Түбэлтэлэр
- 1506 — Римҥэ урукку Нерон Көмүс дьиэтэ турбут сиригэр виноградникка «Лаокоон уонна уолаттара» диэн ааттаах скульптура көстүбүт. Бу скульптураны Плиний бэйэтин суруйууларыгар ахтар, скульптура мрамортан биһиги эрабыт иннинэ 40-20 сс. оҥоһуллубут.
- 1700 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I нуучча дворяннарыгар уруккулуу уһун таҥас оннугар европалыы кылгас көстүүм кэтэллэригэр дьаһайбыт.
- 1784 — АХШ тутулуга суох буолуутун иһин сэрии: АХШ кэнгириэһэ Улуу Британияны кытта түһэрсиллибит Парижтааҕы сөбүлэҥи бигэргэппит. Бу күн билигин АХШ-ка Ратификация күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
- 1902 — Кытай-Илин тимир суола (нууччалыы кылгатан КВЖД диэн аатынан биллэр) «Маньчжурия—Харбин» учаастага аһыллыбыт.
- 1913 (урукку ааҕыынан тохсунньу 1 күнүгэр) — Дьокуускай уокуругун Боотуруус улууһа икки улууска хайытыллыбыт: Боотуруус уонна Таатта. Таатта улууһугар Алдан, Тыараһа, 2-с Дьохсоҕон, 1-кы Игидэй, 1-кы Дьохсоҕон, Уус-Амма, Дьүлэй, 1-кы Хайахсыт, 4-с Дьохсоҕон, 2-с Игидэй, 3-с Дьохсоҕон уонна Күнээйи, барыта 12 нэһилиэк киирбит. Ол эбэтэр саҥа улууска 4219 дууһа, 2113 үлэһит бэриллибит, эр киһитэ — 4434, дьахтара — 4313.
- 1918 — Финляндия уонна Сэбиэскэй Арассыыйа саҥа халандаарга көспүттэр.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт уонна Улуу Британия премьер-миниистирэ Уинстон Черчилль Касабланкатааҕы конференцияны саҕалаабыттар. Конференцияҕа икки кыттыгастыы дойду баһылыктара уонна Штаб салайааччыларын холбоһуктаах кэмитиэтэ сэрии стратегиятын ырыппыттар.
- 2005 — «Гюйгенс» диэн Европа космоска агентствотын зонда Сатурн аргыһыгар Титаҥҥа сымнаҕастык түспүт. Бүгүҥҥү (2021 сыл) туругунан бу Тас Күн систиэмэтигэр соҕотох сымнаҕас түһүү.
- 2010 — Йемен «Аль-Каида» диэн террор тэрийэр бөлөххө аһаҕас сэриини биллэрбит.
- 2011 — Тунис бэрэсидьиэнэ Зин эль-Абидин Бен Али Саудовскай Аравияҕа күрээбит. Бу дойдуга кини былааһын утары буолбут хас да бөдөҥ демонстрацияны «Арааб сааһа» саҕаланыытынан ааҕаллар.
Төрөөбүттэр
- 1855 — Владимир Иохельсон — этнограф, народник, Саха сиригэр көскө олоро сылдьыбыт киһи, Нью-Йорка өлбүтэ. Кини сахалар култуураларын туһунан ытыктабыллаахтык суруйбута, элбэх саха малын-салын омук түмэллэригэр хомуйбута, сахалары үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты киллэрбитэ.
- 1908 — Василий Местников — ССРС норуодунай артыыһа, Саха тыйаатырын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, режиссер, олоҥхону тыйаатырга сыһыарбыт киһи.
- 1922 — Василий Колмогоров — Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, 1961—1977 сылларга ССКП Намнааҕы райкомун сэкирэтээрэ, кэлин Саха АССР салалтатыгар араас дуоһунастарга үлэлээбитэ, Нам уонна Кэбээйи улуустарын Ытык киһилэрэ.
- 1925 — Юкио Мисима — дьоппуон литэрэтиирэтигэр XX үйэ иккис аҥаарын саамай биллэр суруйааччыта, драматург.
- 1938 — Христофор Горохов — Элгэстэй — бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
- 1950 — Михаил Дьячковскай — Көлбө — бэйиэт, прозаик.
- 1969 — Акулина Акимова — «Туймаада» государственнай вокальнай ансаамбыл солиһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна.
Өлбүттэр
- 1938 — Анатолий Пепеляев — XX үйэ саҕаланыытыгар Саха Сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, үрүҥ генераал, амнистияҕа түбэһэн Новосибирскайга үлэлээбитэ, 1937 сыллаахха хаайыллыбыта, 1938 сыллаахха ытыллыбыта.
- 1966 — Сергей Королёв — сэбиэскэй учуонай, ракета, космос техникатын уонна ракеталаах сэрии тэриллэрин тутааччыта, космонавтика төрүттээччитэ. Икки төгүллээх Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Ленин бириэмийэтин лауреата, ССРС Билим академиятын академига.