Арассыыйаҕа бастакы эркээйи сир (заповедник) — Баргузиннааҕы киис эркээйи сирэ 1917 сыллаахха тэриллибит.
Аан дойдуга бастакынан диабеты утары эми — инсулины 1922 сыллаахха 14 саастаах Канаада олохтооҕо Леонард Томпсон ылбыт.
20 сыллааҕыта бэйиэт, драматург суруйааччы Владимир Федоров уонна литературовед Иван Спиридонов акадьыамык дьупулуомун туппуттар.
Бу күн дьүкээгир фольклорун, итэҕэлин чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата Людмила Жукова күн сирин көрбүт.
Тохсунньу 11 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 11-с күнэ. Сыл бүтүө 354 күн (ордук хонуктаах сылга 355 күн) баар.
Бэлиэ күннэр:
- Арассыыйа — Эркээйи сирдэр (заповедниктар) уонна национальнай пааркалар күннэрэ
- Албания — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1946).
- Тунис — Оҕо күнэ[1].
- Япония — Кагами-бираки (аһаҕас сиэркилэ) — Күн таҥарата сиэркилэ көмөтүнэн босхоломмут күнэ. Аныгы Японияҕа үтүө мөкүнү, сырдык хараҥаны кыайыытын бэлиэтиир.
- АХШ — Дьонунан эргинии туһунан билии-көрүү күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 630 — Пророк Муhаммед уонна кинини батыһааччылар Мекканы сэриилээн ылбыттар.
- 1917 — Арассыыйаҕа бастакы эркээйи сир, Баргузиннааҕы киис эркээйи сирэ, тэриллибит.
- 1922 — 14 саастаах Канаада олохтооҕо Леонард Томпсон аан дойдуга бастакынан диабеты утары эми — инсулины ылбыт.
- 1964 — АХШ сүрүн хируура Лютер Терри, «Табах тардыы уонна доруобуйа» диэн киэҥник биллибит отчуотун таһаарбыт. Отчуокка табах тардыы доруобуйаҕа сэрэхтээҕэ этиллибит, мантан сылтаан дойду иһигэр уонна аан дойду да үрдүнэн табахтааһыны утары миэрэлэр ылыллыбыттар.
- 1972 — Илин Пакистан аатын Бангладеш диэҥҥэ уларыппыт.
- 1993 — Арассыыйа Бырабыыталыстыбата 22 нүөмэрдээх дьаһалынан «Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор сирдэрин испииһэгин» бигэргэппит. Бу испииһэккэ кэлин икки уларытыы 1993 с. алтынньы 7 уонна 2000 с. тохсунньу 23 күннэригэр киллэриллибиттэрэ.
- 1994 — Арассыыйаҕа саҥа түмэн (парламент) үлэтин саҕалаабыт. Икки палааталаах: Судаарыстыбаннай Дуума (алын палаата) уонна Бэдэрээссийэ Сэбиэтэ.
- 2001 — Духуобунас акадьыамыйатын мунньаҕар СӨ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев икки киһиэхэ акадьыамык дьупулуомун туттарбыт: бэйиэт, драматург суруйааччы Владимир Федоровка уонна литературовед Иван Спиридоновка.
Төрөөбүттэр:
- 1952 — Людмила Жукова — дьүкээгир фольклорун, итэҕэлин чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1953 — Мария Дьячковская — филология билимин хандьыдаата.
- 1960 — Лина Готовцева — сомоҕо домохтору үөрэтэр саха лингвист учуонайа, филология билимин хандьыдаата.