Чурапчы улууһугар «Тыл — омук тыына» бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньах буола турар. Дьаһал саха тылын декадатыгар ананар, олунньу 18 – 20 күннэригэр ыытыллар. Ийэ тыл сүмэтин кэнчээри ыччакка чөл хаалларар туһугар этиилэри ырытыһаллар.
Төрүт саха тыынын иҥэрбит тыл үөрэхтээҕэ, бастакы саха алпаабытын оҥорбут Сэмэн Новгородов төрөөбүт түөлбэтигэр тылга анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сугулаан дириҥ ис хоһоонноох.
Бүгүн, олунньу 19 күнүгэр, “Айылгы” норуот айымнньытын киинин киэҥ саалатыгар өрөспүүбүлүкэ тоҕус улууһуттан 430 киһи кэлэн, саха тылын кэскиллээх суолларын ырытыста. Тыл сайдарыгар олохторун анаабыт, идэ оҥостубут дьон санааларын эттилэр. Холобур, Турция Анкара куоратыттан Хаджеттепе үнүстүүт аныгы түүр тылын үөрэтэр кафедратын үлэһитэ Хасан Хайарсевер: “Оҕо ийэ тылын билэр уонна төрөөбүт тылынан толкуйдуур буоллаҕына — бу норуот тыла хаһан да сүтүө суоҕа”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
ХИФУ-га хотугулуу-илиҥҥи норуоттар култуураларын уонна тылларын үөрэтэр кыһа дириэктэрэ Гаврил Торотоев, бастатан туран, саха тылын күннээҕи олоххо-дьаһахха ыкса киллэрэри эттэ. “Тэрилтэлэр ааттарын уонна олохтоох оҥорон таһаараччылар бородууксуйаларын аатын, састаабыгар тиийэ сахалыы тылынан суруйаллара наада. Маннык холобур Чурапчы улууһуттан саҕаланарыгар эрэнэбин”, — диэтэ кини.
Мунньахха Борис Неустроев-Мандар Уус кыттыыны ылла. Кини аан дойду үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын улахан омуктар тыллара суурайар кэмигэр олорорбутун өссө биирдэ санатта. “Биһиги, тыа сирин сахалара, төрүт тылбытын харыстаан илдьэ кэллибит уонна онтукабытын салгыы хайаан да сайыннарыахтаахпыт”, — диэн эттэ. Кини духуобунай уонна материальнай култууралар бииргэ тутуспутунан сайыннахтарына эрэ бу кыаллар кыахтааҕын ыйда.
Мустубут дьон уопсастыбаҕа ытыктабылынан сыаналанар биир дойдулаахтарын санааларын кытта сөпсөһөллөрүн биллэрдилэр.