9 Алтынньы 09.10
  • -10°
  • $ 81,55
  • 94,94

Тоҕо баччааҥҥа диэри датаассыйаҕа олоробутуй?

Хаартыска: Саха парламент саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан мустубут эдэр салайааччылар, баһылык солбуйааччылара аһаҕас микрофоҥҥа Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Алексей Еремеевка, РФ Сенаторыгар Егор Борисовка, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Георгий Степановка, Хаҥалас улууһун баһылыгар Сергей Гребневка, Саха Сирин ыччатын парламенын бэрэссэдээтэлигэр Антон Васильевка ыйытыктары биэрдилэр.

«Дьону дьарыктыырга биһиги саҥа хайысхалары булуохтаахпыт, эдэр дьон өйө-санаата тобуллаҕас, креативнай, амбициознай сыаллаах-соруктаах. Кинилэр баҕа санааларын ситиһэллэригэр мэһэйдэри билбэттэр, киһи сааһыран истэҕин аайы сатаныа дуо диэн ыараҥнатара элбиир. Эдэр дьон сатанар, табыллар диэн инникитин көрөр», — диэтэ Алексей Ильич.

Константин Бородин, ХИФУ филологическай бакылтыатын устудьуона Хаҥалас улууһугар былыргы дьаам суолунан кэлэн олохсуйбут нууччалар урукку диалектарын интэриэһиргиирин иһитиннэрэн туран, атын эрэгийиэннэри мунньан, бэстибээл тэрийиэххэ, ону сэргэ туризмы сайыннарыахха сөбүн эттэ. Хаҥаластар былыргы түүр омуктар уонна дьаамсыктар сыдьааннара буолалларын санатта.

Хаҥалас улууһун баһылыга Сергей Гребнев саха суруйааччыта, СӨ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Исай Никифоров сиэнэ буоларын, кинилэр аҕа уустара былыргы дьаамсыктартан тардыылааҕын билиһиннэрдэ.

«Иркутскай-Дьокуускай, Өлүөнэ эбэ айанын суолун устуоруйатын сөргүтэн, айанньыттар чуолаан биһиги нэһилиэктэрбитигэр тохтоон, хонон-өрөөн ааһаллара. Ону дьон болҕомтотугар таһааран, «Умнас» айан суолугар аһаҕас халлаан анныгар түмэллэри арыйан, туризмы сайынныарыахха сөп», — диэтэ кини.

KVA 3512

Егор Новгородов Дьокуускай дьаһалтатыгар сыыппара транформациятын салаатын салайан үлэлэтэрин, онуоха бүддьүөт харчытын харыстыырга улахан болҕомто уурулларын туһунан этэн туран, биһиги өрөспүүбүлүкэбит айылҕа баайынан тэҥнээҕэ суох эрээри, тоҕо баччааҥҥа диэри датаассыйаҕа олорорун туһунан Ил Дарханынан үлэлээбит Егор Борисовтан ыйыталаста.

Егор Афанасьевич федеральнай киин бүддьүөтү тыырарын, ону таһынан, эрэгийиэн бүддьүөтэ хайдах оҥоһулларын быһааран биэрдэ. Биһиги дойдубут тымныы тыйыс айылҕалааҕын, уһун кырыа кыһыннааҕын бэлиэтээн туран, дьиэлэри сылытарга, оттукка Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин нормативтарыттан үтүмэннээх үп-харчы барарын эттэ. Ол ороскуот федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээҕин туруорса сатыылларын билиһиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ саамай улахан сирдээх-уоттаах эрээри, Арассыыйа үрдүнэн датаассыйа кээмэйинэн Дагестан кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар, Уһук хоту аһы-үөлү, табаары тиэйэргэ ити датаассыйа көрүллэр. Өрөспүүбүлүкэни салайар кэммэр датаассыйа кээмэйэ 60-70 мөл. солк. тиийэр этэ, ол айылҕа алдьархайын тохтоторго, эмсэҕээлэбит дьоҥҥо көмөлөһөргө туттуллар», — диэтэ Егор Афанасьевич.

Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА