Покровскайга олорор уус, алгысчыт, эмчит, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, быһата, айылҕаттан айдарыылаах Уйбаан Монастыреву – Тирэх Уйбааны дьон-сэргэ үчүгэйдик билэр. Киниэхэ сылдьан арчыламмыт, ыраастаммыт, эмтэммит дьоннор, оҕо кутун тартарбыт ыаллар элбэхтэр.
Айыы санаалаах үтүө киһини атын омуктар эмиэ интэриэһиргииллэр. Бэл, акыйаан уҥуор олорор дьон сэҥээрэллэр. Соторутааҕыта Эмиэрикэттэн кэлэ сылдьар психолог, марма-терапия ньыматынан эмтээһиҥҥэ идэтийэр Лаура Перлин анаан-минээн көрүстэ, дуоһуйа кэпсэттэ-ипсэттэ. Итиэннэ маннык суруйда: “Спасибо Уйбаан, за гостеприимную встречу в Вашем доме, за то, что поделились камнем и подарком, за то, что показали Ваши работы, стихи. Я очень счастлива, что провела это время с Вами. Желаю Вам здоровья, благополучия и людей, которые будут ценить то, что Вы делаете для них. Надеюсь человечество поймет это. Спасибо за амулеты”.
Тирэх Уйбаан туһунан дьон-сэргэ өссө биллин-көрдүн, туһаннын диэн анал саайт оҥоһулунна. Онон, интэриэһиргээбиттэри, ордук ыраах олорор дьону интернеккэ https://tirekh-uyban.ru саайтка киирэҥҥит, Чурапчыттан төрүттээх Хаҥалас киһитин үлэлиир-хамсыыр эйгэтин билсэргитигэр ыҥырабыт.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” edersaas.ru.