2026 сылга Россияҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 18 939 солк., оттон үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ 20 644 солк.тиийиэҕэ. Маннык дааннайдар федеральнай бюджет бырайыагар бааллар.
Биэнсийэлээхтэргэ кэлэр сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 16 288 солк., оттон оҕолорго 18 371 солк. олохтоммут.
2025 сылга тиийинэн олоруу кээмэйэ дойду үрдүнэн ортотунан 17 733 солк. тэҥнэһэр, ол 2024 сыллааҕы көрдөрүүттэн 14,8% элбэх. Үлэлиир кыахтаах гражданнарга бу кээмэй 19 329 солк., биэнсийэлээхтэргэ — 15 250 солк., оттон оҕолорго — 17 201 солк. тэҥнэһэр.
Санатан эттэххэ, бюджет үлэһиттэрин хамнастарын 2026 сылга 7,6% үрдэтиэхтэрэ. 2026-2028 сылларга федеральнай бюджет бырайыага Госдумаҕа киллэрилиннэ.