Чебоксарга остуол тенниһыгар Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии 16-гар диэри саастаах уолаттарга уонна кыргыттарга ыытыллар. Москва сүүмэрдэммит хамаандатыгар барыллаан турнирга Саха сирин оскуолатын иитиллээччитэ Изот Кривошапкин ситиһиилээхтик кыттар.
Хамаанданан күрэхтэһиигэ эдэр спортсмен боруонса мэтээли иилиннэ. Өссө биирдэ да Саха сирин теннискэ оонньооччута маннык улахан ситиһиилэнэ илигэ. Ол туһунан «Спорт Якутии» суруйда.
Изот биэс спортсментан турар хамаандатыгар бастакы ракетканан оонньуур. Бэлиэтииллэринэн, Москва хамаандата Изот оонньуутунан тирэнэн үһүс миэстэни ылары ситистэ. Оренбургскай уобалас кыайда.
Билигин Изот тус бэйэтин суотугар, пааранан уонна буккаас разрядтаахтарга оонньуур.