22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тэҥкэҕэ Сунтаар бөһүөлэгин уолаттара убаһа астаатылар

Хаартыска: Павел Игнатьев тус архыыба
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгэр «Идэһэ-2024» тэрээһин буолан ааста. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев, тыа хаһаайыстыбатын салалтата, Тэҥкэ нэһилиэгин дьаһалтата уонна улуустааҕы Аҕа сүбэтэ түмсүү көҕүлээһиннэринэн ыччаты сылгы иитиитигэр тардар сыаллаах-соруктаах ыытылынна, диэн суруйда «Сунтаар сонуннара».

Тэҥкэ нэһилиэгэр сылгы иитиитинэн дьарыктанар Павел Игнатьев хаһаайыстыбатыгар Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын 7 — 10 кылаас үөрэнээччилэригэр хайдах убаһа астанарын, сиэри-туому тутуһары көрдөрдүлэр уонна кэпсээтилэр. Уолаттар улгумнук ылынан, сыпсатык туттан-хаптан, убаһаны астыырга көмөлөстүлэр. Ол астаабыт убаһаларын этин үллэрэн дьиэлэригэр биэрэн ыыттылар.

Бу күн саанан сыал ытыыга уонна хапсаҕайга күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Сүрүн бириис — убаһа быара.

Оҕолор наһаа интэриэһиргээн, түргэнник саҥа билии ылынан, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, олус үөрэн-көтөн, дьиэлэригэр илии тутуурдаах төнүннүлэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА