Сыстыганнаах дьаҥ турбутунан, ыччат түмсүүлэрин дьаһаллара тохтотуллуохтарын сөп, ол иһигэр «Табыс» бэстибээл. Бу туһунан ыччат миниистирэ Степан Саргыдаев социальнай ситимнэринэн эттэ диэн СИА суруйар.
«Балаһыанньа хайдаҕыттан көрүөхпүт. Билигин маассабай түмсүүлээх дьаһаллар тохтоон тураллар», — диэтэ Степан Саргыдаев.
Министиэристибэ баһылыга эппитинэн, ыччат тапталлаах «Табыс» бэстибээлэ коронавируһунан сибээстээн, эһиил буолара быһаарылынна.
Кини эппитинэн, быйылгы бэстибээл түөрт күнтэн алта хонукка дылы уһаан биэриэхтээҕэ, саҥардыллыбыт бырагыраамаҕа үөрэтэр, култуурунай уонна спортивнай тэрээһиннэр киирэллэр.