Муома оройуонугар тыа хаһаайыстыбатын биир сүрүн салаатыгар — таба иитиитигэр — сайын хайдах-туох ааспытын Индигир нэһилиэгин маҥнайгы ыстаадатын биригэдьиирэ Николай Слепцову көрсөн туоһуластыбыт. Бу ыстаада былырыын саас саҥа тэриллибитэ. Ыстаада «Бэркичэх» ыстаадатыттан туһунан баран, табаларын аҥаардаспыттара. Манна удьуор табаһыт убайдыы-бырааттыы Андрей, Николай, Владимир Слепцовтар бааллар.
Биллэн турар, үлэни саҕалыырга, саҥаттан тэринэргэ уустук.
— Сайын, буоларын курдук, таба саамай ыалдьар кэмэ. Табаларбыт атахсыт ыарыыга ыалдьа сырыттылар. Бэтэринээр суоҕа олус куһаҕан. Табаһыттар бэйэбит кыахпытынан эмтии сатаатыбыт. Өксүөн сайын буолан, үөн-көйүүр аҕыйах, онон син арыый бэттэх кэллилэр. Онтон күһүөрү сир кыыла буулаата. Табаларбытын кыйдыыллар. Аспытын-таҥаспытын бэйэбит хааччынабыт. Саас табаларбыт муостарын туттаран, ол харчытынан ас-таҥас ылынабыт. Сибиэһэй, ветсправкалаах муос арыый үрдүк сыанаҕа барар. Маршруппут кыараҕас. Мэччирэҥ сирдэрбит эргэрдилэр. Саҥа тэринэрбитигэр хараал тутан биэриэх буолбуттара да билиҥҥээҥҥэ диэри суох. Ити улахан кыһалҕа салгыҥҥа ыйанан хаалла. Быһаарыллыбатах боппуруос элбэх, бииртэн биир кыһалҕа күөрэйэ турар, — диир Николай Гаврильевич.
Хоту дойду хоһуун дьоно үлэлии үөрэммит үөрүйэхтэринэн төрүт сирдэригэр төрүт дьарыктарынан үлэлииллэрин тухары, адаар таас хапчаҕайдарын быыстарынан хоту сир маанылаах кыыллара — табалар — тамайа сиэлэллэр.
«Индигир уоттара» хаһыат, Муома улууһа, хаартыска интернеттэн.