22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Таатта улууһун Туора Күөл оскуолатын оҕолоро муҥхаҕа сырыттылар

15:05, 23 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Туора Күөлгэ оскуола оҕолоро учууталларын Алквиад Павлович Атастыровы уонна «Аҕа сүбэтэ» түмсүү салайааччытын Петр Романович Чупровы кытары муҥхалаатылар. 

Өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктара — муҥхалааһын. Былыр-былыргыттан саха дьоно муҥха хаһан буоларын, Баай Байанай күндү бэлэҕин тосхойор үтүө түгэнин күүтэллэрэ.»Аҕа сүбэтэ» түмсүү салайааччыта, нэһилиэк, улуус киэн туттар киһитэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата, бастыҥ общественник, өбүгэ үтүө үгэһин тэнитээччи, чөл олох пропагандиһа Петр Романович Чупров көҕүлээһининэн, технология учуутала Алквиад Павлович Атастыровтыын сатабыллаах салайыыларынан, Туора Күөл оскуолатын 8-9 кылааһын уолаттара мунхаҕа баран кэллилэр. Баай Байанай мичик гынан уолаттар дьиэлэригэр баһаам илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн, үөрүүлэрэ муҥура суох.

Петр Романович сыл аайы бэйэтин көҕүлээһининэн уолаттары балыкка уһуйар үтүө үгэстээх. Уолаттар муҥха сиэрин-туомун, уустук үлэтин буһан-хатан, эттэринэн-хааннарынан билэллэрэ, сыаналыы үөрэнэллэрэ инники олохторугар туһалаах буолара саарбаҕа суох.

Оксана Гуляева

Таатта

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА