Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр дьыссаат, этнокултуурунай киин уонна култуурунай-спортивнай комплекс тутуллаллар.
Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Баайаҕаҕа тутулла турар 80 миэстэлээх дьыссаакка, этнокултуурунай кииҥҥэ уонна култуурунай-спортивнай комплекска сырытта.
Дьыссаат тутуута 30 бырыһыана толоруллубут. Эбийиэги быйыл үлэҕэ киллэриэхтээхтэр.
Томторго тутуллар этнокултуурунай комплекс Борис Фёдорович Неустроев-Мандар Уус 75 сааһын бэлиэтиир үбүлүөй иитинэн ыытыллар, Баайаҕа нэһилиэгин сайдыытын кэнсиэпсийэтигэр олоҕурар. Комлекска үс эбийиэк киирэр: Моҕол ураһа, Уус түмэлэ уонна саха балаҕана.
Баараҕай тутууну 2014 сыллаахха үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн саҕалаабыттара. «Регион-Север» ХЭУо бырайыагынан. Үбүлээһинэ — 27 мөл.солк., ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 13 мөл 750 тыһ, Таатта улууһуттан 4,5 мөл кэриҥэ, Баайаҕа нэһилиэгиттэн 8 мөл 880 тыһ.солк. Билигин тутуу 40 бырыһыана бүтэн турар.