Россия президенэ Владимир Путин дойду регионнарыгар медицина тэрилтэлэрин эбийиэктэрин саҥа тутууларын уонна тупсаран оҥорон арыйыыларыгар кыттыыны ылла. Ол иһигэр Саха сиригэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр арыллар поликлитникаҕа.
Судаарыстыба баһылыга Владимир Путин видеосибээс көмөтүнэн Таатта улууһугар саҥа тутуллубут сменаҕа 200 киһи киирэр поликлиникатын арыйда. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Саҥа поликлиника улуустааҕы киин балыыһаҕа “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна. Тэрилтэ Саха сирин тыатын оройуоннарыгар тутуллар 14 бөдөҥ медицина эбийиэктэригэр киирсэр. Бары 2026 сылга диэри доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун модернизациялааһыҥҥа бырагырааманан тутуллар.
«Биһиги сыалбыт уонна инники күөҥҥэ тутар хайысхабыт үчүгэйдик биллэр: дойду хас биирдии регионугар, ол иһигэр кыра куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ дьон квалифицированнай, аныгы медицина көмөтүн ылыахтаахтар. Бу соруктары толорууга инникитин даҕаны бырабыыталыстыба күүстээх болҕомтотун ууруоҕа уонна үбүлээһин баар буолуоҕа”, – диэн Владимир Путин тылларын пресс-служба суруйда.
Сиһилии: https://ysia.ru/vladimir-putin-otkryl-novuyu-polikliniku-v-tattinskom-rajone-yakutii/