Бу сыл тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград блокадаттан босхолонуутун 80 сыла туолла. Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейа бу бэлиэ даатаҕа анаан «Ленинград блокадатын 900 түүннээх күнэ» быыстапканы тэрийдэ.
Быыстапка аһыллыытыгар блокада саҕана Саха сириттэн Ленинград куоракка тиийэн үөрэнэ сылдьыбыт студент оҕолор ыар дьылҕаларын туһунан иһитиннэриини олохтоох библиотекарь Татьяна Бодоготова оҥордо. Улуустааҕы Албан
аат музейын салайар Маргарита Попова блокада кэмигэр Тааттаттан төһө киһи блокадаҕа түбэспиттэрин, ол саҕанааҕы кэми кэпсээтэ.
Быыстапка сүрүн геройа Вера Васильевна Данилова, 1925 сыллаахха Ленинград уобалаһыгар төрөөбүт кыыс, хайдах Саха сиригэр эвакуацияҕа түбэһэн кэлэн, онтон салгыы дьылҕата салайан, учуутал идэтин баһылаан, ыал буолан, оҕо — уруу төрөтөн, Таатта улууһугар кэлэн олохсуйбутун туһунан матырыйаал хомуллан сырдатылынна, кини мемориальнай маллара быыстапкаҕа туруорулунна.
Бу быыстапка музейга биир ый туруоҕа, кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт, суруйда СИА-ҕа Светлана Халгаева.