15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Тааттаҕа «Аҕа күрэҕэ — 2023» саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Таатта улууһун Туора-Күөл нэһилиэгэр муус устар 6 күнүгэр «Аҕа күрэҕэ — 2023» XXIII аҕалар уонна уолаттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ саҕаланна. Күрэхтэһиигэ Саха сирин 16 оройуонуттан 18 хамаанда кыттар.

Бастакы күн хамаандалар ойбон алларыытыгар, кутаа уотугар чэйи өрөргө, бэрэбинэ маһы эрбээһиҥҥэ уонна хайытыыга күрэхтэстилэр. Бары түһүмэхтэр  аҕа уонна уол бииргэ үлэлэрин сыаналыыр гына толкуйдаммыттар.

Иккис күнүгэр хамаандалар маһы бэлэмнээһиҥҥэ, остуолбаҕа ыттааһыҥҥа уонна хайыһарга күрэхтэһиэхтэрэ. Аҕа уонна уолаттар күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтара харчынан бириистэри ылыахтара. Үһүс миэстэни ылбыт хамаанда 100 тыһыынча солкуобайы, иккис миэстэҕэ 200 тыһыынча солкуобайы, оттон кыайыылаахтар Саха сирин баһылыгыттан 300 тыһыынча солкуобай бириэмийэни ылыахтара.

Быйыл оройуоннарга куонкурсу үчүгэйдик тэрийии иһин анал бириис көрүллэр — 100 тыһыынча солкуобай, бу туһунан Саха сирин Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА