22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Таһаҕас үс гыммыт биирэ тустаах сиригэр тиэрдилиннэ

12:01, 07 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Навигация сырыытын Яна өрүс баһыгар уу таһыма аҕыйаҕа атахтыыр оттон Алдаҥҥа – буруо. Ол эрэн былааннаммыт таһаҕас үс гыммыт биириттэн ордуга тиэллэн, миэстэтигэр тиэрдилиннэ диэн от ыйын  3 күнүгэр бырабыыталыстыба вице-премьера Алексей Колодезников ыыппыт мунньаҕар эттилэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыгар сигэнэн СИА иһитиннэрэр.


2020 сыллааҕы таһаҕаһы тиэйии былаана — 1 238 707,9 тонна. Навигация саҕаланыаҕыттан 652 278,8 тонна араас таһаҕас сүөкэннэ. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ наадатыгар 473 593,8 тонна о.э. былаантан 38,2% тиэлиннэ, 398 805,1 тонна эбэтэр 32,2% тустаах сиригэр тиэрдилиннэ.

Нэьилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа куттала суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрбитинэн, билигин таһаҕаһы хаһааныы Яна, Индигирка, Халыма өрүстэргэ бара турар. 23 750 тонна былааннаммытыттан 13 785,7 тонна тиэллэн, 10 759,3 тонната миэстэтигэр тиэрдиллэн турар.

Таһаҕастары тиэрдии Яна өрүс баһыгар уу аҕыйаҕынан тардыллар. Холобур, Баатаҕайдааҕы нефтебазаҕа тиэрдиллиэхтээх нефть бородуукталарын уу таһыма үрдүөр диэри тохтотулунна. Билигин «Саханефтегазсбыт»  АУо таһаҕаһа Аллара Янатаҕы нефтебазаттан Уус-Куйгаатааҕы нефтебазаҕа таһылла сылдьар. Таһаҕас 64,4 % тиэрдилиннэ.

Индигирка өрүс Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр Чокуурдаахтааҕы нефтебазаттан 479,9 тонна Рег-92 массыына бензинин таһыы түмүктэннэ. Бу былааннаммыттан 120% буолар. Аара Күөх Тумус диэн пууҥҥа Абый улууһун наадатыгар 19 000 тонна чох мунньулунна.

Халыма, Индигир өрүстэринэн Зырянкатааҕы таас чох карьерыттан уопсайа 74 300 тонна чох тиэллиэхтээх. Мантан билиҥҥитэ 46 156 тонна тиэллэн, 24 717 тонната Халымаҕа баар пууҥҥа тиэрдиллэн турар, 19 000 тонна Абый улууһун чоҕо Күөх Тумус диэн аара баар пууҥҥа тиэдилиннилэр.

Сангардааҕы нефтебазаҕа Анаабыр өрүһүгэр уонна Лаптев муоратыгар барыахтаах 12726,5 тонна газоконденсат оттугун мустулар. Бу былаан 100%-на. Арктикатааҕы навигация саҕаланна да бу оттук салгыы тиэллиэ.

Өлүөнэ өрүскэ сырыы Уус Куттан Остуолба арыыга диэри аһаҕас. Бу навигацияҕа уопсайа 635,9 тысяч тонна таһаҕас тиэллэрэ былааннанар. Мантан 37,4%-на тиэлиннэ. Таһаҕас 33%-на ол эбэтэр 209 тыһ. тонна тустаах сиригэр тиэрдилиннэ.

Алдан өрүс 1614 – 405 км. кэрчигэр буруо баара бэлиэтэнэр. Дьабарыкы Хайа таһыгар сүүс миэтэрэ иһинэн көстүү күчүмэҕэйдэрдээх. Мантан сылтаан таһаҕаһы тиэйии бытаарыан сөбүн туһунан эттилэр мунньахха кыттыбыт Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство салайааччытын бастакы солбуйааччы Сергей Емельянов, Янатааҕы өрүс пароходствотын салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Пепелев уонна Халыматааҕы судоходнай хампаанньа салайааччыта Марат Тажбенов эттилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА