СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Местников таһаҕаһы тиэйиигэ суһал бөлөх уочараттаах мунньаҕын ыытта.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр 1 238,7 тыһ. туонна былаантан 872 465,6 туонна эбэтэр 70,4% таһаҕас сүөкэммит, 723 194,6 туонна эбэтэр 58,4% тиэллибит.
Өрөспүүбүлүкэ арктическай өрүстэригэр навигация хаамыыта хонтуруолга сылдьар. 323,3 тыһыынча туонна дьон олоҕор-дьаһаҕар наадалаах таһаҕастан 250 603,8 туонна эбэтэр 78% сүөкэммит, 130 027,5 туонна эбэтэр 40% таһаҕас тиэрдиллибит. Кыраапыктан хаалыы суох.
Таһаҕаһы тиэйээччилэргэ инникитин үлэни тэтимирдэллэригэр, миэстэтигэр тиэрдии, сүөкээһин үлэлэрин эрдэттэн былаанныыры сүбэлээтилэр.