22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үүт туттарыыта: Сунтаартан «Ал-Су» кэпэрэтиип былаанын икки бүк куоһарда

Хаартыска: Саха парламент саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 12 437 туонна үүт соҕотуопкаланна, бу сыллааҕы былаан 22,64 %-а. Былырыын баччаларга 12 192 туонна үүт тутуллан астаммыт.  Инники күөҥҥэ Сунтаар улууһа иһэр, 1834 туонна үүтү тутан, сылллааҕы сорудаҕын 32 % толорбут. Атын улуустар да хаалсыбаттар: Хаҥалас – 1242, Бүлүү – 1055, Чурапчы – 926, Мэҥэ Хаҥалас – 911, Ньурба – 687, Амма – 677, Таатта – 441 туонна үүтү соҕотуопкалаабыттар.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ыйдааҕы былааннарын соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэр бары кэриэтэ куоһарбыттар. Ол курдук, ыйдааҕы сорудахтарын Сунтаартан «Ал-Су» кэпэрэтиип 242 %, «Үрдэл» кэпэрэтиип 132 %, «Элгээйитээҕи үүт собуота» ХЭТ 105%, Мэҥэ Хаҥаластан «Хоту» кэпэрэтиип 128 %, «ЯНП» кэпэрэтиип 121 %, Амма улууһуттан «Амма» кэпэрэтиип 117 %, Горнайтан «Горный-Ас» кэпэрэтиип 155 % толорбуттар.

Билигин хаһаайыстыбалар бары сайылыкка таҕыстылар, үүтү үрүлэччи ыыллар. Сыл ахсын сайылыктарга 40-50 тыһ. туонна үрдүк хаачыстыбалаах үүт ыанан, соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэргэ туттарыллар. Быйыл да бу кирбии чиҥэтиллиэ, былаан толоруллуо диэн министиэристибэ эрэнэр. «Улахан үүт» кэмэ саҕаланна!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА