15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

"Төрүт ас – төрүт үгэс, төрүт үгэс – норуот баайа", - дииллэр хатастар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйыгар «Тускул» култуура киинигэр өссө биир түмсүү баар буолбута. Бу эмискэ, арай биирдэ диэн буолбатах түгэн. Төрдө-төбөтө түөлбэнэн үлэ чэрчитинэн барбыт хас да сыллаах үлэҕэ сытар. Түөлбэнэн үлэ хайысхата баһыйар үгүс өттө төрүт үгэстэргэ, сиэргэ- туомҥа, сиэрдээх буолууга, дойдуга бэриниилээх буолууну иитиигэ туһаайыллар, диэн суроуйда Хатастан СИА уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Наталья Руфова.

Ол курдук “Тумата суох ас”, “Байанай бэлэҕэ”, “Тэлгэһэм эмтээх ото” уо.д.а атын тэрээһиннэр дьиҥ чахчы саха норуотун үгэстэрин үөрэтиигэ, билииигэ тирэҕирэн тахсыбыттара. Түмсүү аата “Төрүт ас” диэн буолла уонна салайааччытынан Мокрощупова Александра Михайловна ананна.

Александра Михайловна уһун сылларга саха тылын, литэрэтиирэтин учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Бу үлэтин кини аҥардас тылга-өскө эрэ сыһыаҥҥа буолбакка сиэргэ-туомҥа, сахалыы сатабылга диэн үөрэтии диэн сыаналыыр уонна ол туһугар киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Ол курдук кини салайбыт кылааһын оҕолоро (хас да көлүөнэ) сахалыы аһы, сахалыы аһы астааһыны сурах хоту буолбакка этэргэ дылы тутан-хабан, оҥорон кэллилэр, о.э сахалыы сатабылга, өйгө-санааҕа иитилиннилэр.

Онон кини бу түмсүү нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, эдэр ыччакка, эдэр ыалларга төрүт ас туһатын, наадалааҕын, тоҕоостооҕун тиэрдэр сыаллаах-соруктаах. Түмсүүгэ бу хайысхаҕа интэриэстээх дьон сонно тута көстүбүттэрэ биһигини тэрийээччилэри үөртэ, сүргэбитин көтөхтө.

Түмсүүбүтүгэр “Алгыс” Хатас нэһилиэгин бэтэрээннэрин кулуубун төрүттэспит, элбэх оҕо ийэтэ, төрүт аһы, төрүт үгэһи ийэтин эмиийин үүтүн кытта иҥэриммит, ол туһугар элбэх үлэни ыыппыт, быйыл тыыннааҕа буоллар 90 сааһын туолуохтаах Мария Илларионовна Харлампьева аатын иҥэриэхпит. Манна даҕатан эттэххэ, Александра Михайловна ийэтэ Мария Илларионовналыын эт саастыы уонна истиҥ дьүөгэлии эбиттэр. Дьылҕалара да майгыннаһарга дылы диэн бэлиэтээтэ. Иккиэн оҕо сылдьан элбэх оҕолоох буола оонньууллар эбит, иккиэн оҕолоро Хатас сиригэр кэлэн олохсуйан, силис-мутук тардан, дьиэ-уот туттан олороллор. Бу да түгэҥҥэ иккиэннэрин кыргыттара бу түмсүү маҥнайгы тэрээһинигэр сүүрдүлэр-көттүлэр. Мария Илларионовна кыыһа Татьяна кииһилэни үргэстэ, утаҕы оҥоруста. Татьяна бииргэ төрөөбүттэрин кытта Хатаспыт ыһыаҕар ийэлэрин аатынан бирииһи олохтоон, нэһилиэк дьонун сэргээһинин-кэрэхсээһинин ылыахтарын ылбыттара.

Түмсүү төгүрүк сыл дьыл кэмин хардыытынан араас аһы-үөлү астаан көрдөрүөхтэрэ, хаһаас-уурунуу астары хайдах бэлэмниири кэпсиэхтэрэ. Бастакы тэрээһин кииһилэттэн утах оҥорууну көрдөрүүттэн, кэпсээһинтэн саҕаламмыта. Ити курдук ый аайы кэмигэр, бириэмэтигэр онно сөптөөх тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри, анал устуулары оҥордубут — үөрэ отун хомуйуу, харайыы, утахтары эҥин оҥоруу, бэйэ үүннэрбит үүнээйилэриттэн эгэлгэ тумалары, уһуннук харайыллар астары бэлэмнээһин, саха лэппиэскэтин, саламааты буһарыы, күөрчэҕи ытыйыы уо.д.а.

Бу күннэргэ идэһэттэн, булт аһыттан бүлүүдэлэри бэлэмнээһиҥҥэ анал устууга бэлэмнэнэ сылдьабыт. Түмсүүбүт сүрүн сыала сүүһүнэн сыллары туораабыт үйэлээх үгэспитинэн астаммыт, хаһааныллыбыт астар чөл-чэгиэн турукка ураты суолтатын, туһалааҕын, тоҕоостооҕун кэлэр көлүөнэ ыччакка иҥэрии буоларын быһыытынан манна Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан оскуоланы кытта ыкса сибээстээх үлэлээһин буолар. Онон төрөппүттэр оҕолорунаан кэлэн кытталлара, тэҥҥэ сылдьаллара олус үчүгэй.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА