Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр үлэһит дьон сахалыы таҥынна-симэннэ диэн edersaas.ru суруйдулар .
Үөһээ Бүлүү дьаһалтатыгар бэнидиэнньик аайы сахалыы таҥастаах үлэлииллэр. Бүгүн эмиэ саха буолан сандаарбыттар.
Саха тэлэбиидэнньэтин суруналыыстара
Саха араадьыйатын суруналыыстара
Сунтаар салайааччылара сахалыы таҥыннылар
Бүгүн – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Сунтаар улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ сахалыы таҥас кэтэн кэллилэр. Сүбэ мунньаҕы улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна салалта бас-көс дьоно Сунтаар суруйааччылара суруйбут төрөөбүт төрүт тыл туһунан хоһооннорун доргуччу ааҕан саҕалаатылар.
Дьаһалта үлэһиттэрэ Саха сирин уонна Сунтаар улууһун өрөгөй ырыатын туран эрэ толордулар. Мунньах түмүгэр, култуура салаатын салайааччыта Мария Кобельянова хас биирдии салайааччы иһитиннэриитин ырытан, сыыс тыллары уонна нууччалыы кыбытык тыллары туттубаттарыгар сүбэ-соргу биэрдэ. Күнүс 2 чаастан тэрилтэ салайааччыларыгар бу курдук сүбэ мунньахтар тэриллэллэрин туһунан култуура салаатын исписэлиистэрэ иһитиннэрдилэр.
Санатан эттэххэ, тохсунньу 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка Циркэ дьиэтигэр ыытыллыбыт «Дьоллоох сулус анныгар» тэрээһиҥҥэ, улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Михаил Максимов, улуус баһылыгын социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Ульяна Попова уонна нэһилиэк бары баһылыктара ыллаабыттарын үгүс дьон сэҥээрэ, биһирии истибиттэрэ. Оттон былырыыҥҥы тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыктара хоһоон ааҕан соһуппуттара диэн суруналыыс Анивера Акимова суруйар.
«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара сахалыы таҥастаах мунньахтаатылар
«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн сахалыы таҥастаах көрсүбүттэрин, хаһыат, сайт нэдиэлэтээҕи былаанын торумнаабыттарын туһунан edersaas.ru суруйдулар.
«Сахалыы тыллаах хаһыат, ону таһынан, интэриниэккэ саха тылын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тарҕатар эрэдээксийэ буоларбыт быһыытынан, төрөөбүт тылбыт күнүгэр саха буолан сандаардыбыт. Бу үгэһи сыл аайы тутуһар буолуохпут. Кырдьык, сахалыы таҥаһы ыһыах эрэ күн кэтэрбит тутах. Атын кэлэктииптэри эмиэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Сахалыы саҥа сатараатын!», — дииллэр суруналыыстар.