23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Төҥүлү олохтоохторо бастакы оҕолорунан босуобуйаҕа тигистилэр

11:57, 12 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Төҥүлү нэһилиэгэр 418 нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн бастакы төрөөбүт оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүрү ылыыга улууска бастакынан сайабылыанньа биэрбит Борисовтар дьиэ кэргэттэригэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ аатыттан сибидиэтилистибэ туттарылынна. Тэрээһин олунньу 8 күнүгэр ыытылынна.


2018 сылга үктэнэн баран тохсунньу ыйга үс кэрэ аҥар ийэ буолар дьолун билбит. Олортон тохсунньу 11 күнүгэр Төҥүлү ыччата Агафья уонна Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Ростислав Борисовтар Диана диэн бастакы оҕолорун күн сирин көрдөрбүттэр. Эдэр дьон докумуоннарын хомуйса охсон, улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун управлениетыгар туттарбыттар. Санатар эбит буоллахха, 17 тыһыынча солк. кэриҥэ ыйдааҕы төлөбүр, өскөтүн дьиэ кэргэн биирдии киһиэхэ тиксэринэн тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр 1,5 төгүл кыра дохуоттаах буоллаҕына төлөнөр итиэннэ оҕо 1,5 сааһыгар диэри улахан көмө буолар.

Эдэрдэри нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутугар управление начаалынньыга Иван Шестаков, босуобуйа отделын салайааччыта Елизавета Охлопкова, улуустааҕы ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалатыгар управление дьиэ кэргэни кытта үлэлиир отделын салайааччыта Ирина Назарова, Төҥүлүтээҕи ЗАГС салаатын исписэлииһэ Софья Турантаева уонна «Төҥүлү нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Степан Заровняев эҕэрдэлээтилэр. Эдэрдэргэ улуус, нэһилиэк дьаһалтатын ааттарыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри, дьиэҕэ туттуллар малы-салы атыылаһыыга сэртипикээттэри, сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар. Ону сэргэ дойду үрдүнэн киһи ахсаанын элбэтиигэ ханнык көдьүүстээх бырагыраамалар үлэлииллэрин сырдаттылар, эдэр ыалы инникитин даҕаны бырагыраамаларга кытталларыгар сүбэлээтилэр.

‒ Босуобуйа ылыыга бастакы буолуоҕум дии санаабатаҕым. Соһуччу үөрүү буолла. Биллэн турар, саҥа олохторун оҥостор эдэр дьоҥҥо маннык ыйдааҕы үбүнэн-харчынан көмө олус наадалаах. Суумата бэйэтэ хамнас саҕа. Онон үөрэн, долгуйан туран маннык сокуон киирбитигэр салалтаҕа улахан махталбытын тиэрдэбин, инниктин даҕаны сайдарбытыгар төһүү күүс, улахан көмө буолуоҕа, ‒ диэн эдэр ийэ Агафья Аркадьевна этэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА