Сылгы иитиитигэр быйылгы кыстык кыһалҕалаах буолара сабаҕаланар. Ол курдук алтынньы ыйга ардах-хаар түһэн, сыспай сиэллээх хаһан аһыырыгар ыарахаттар үөскээтилэр.
Горнай, Кэбээйи уонна түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын кыһалҕа ордук күүскэ кыһарыйда. Манна холбоон 16 тыһыынча кэриҥэ сылгы иитиллэр.
Билиҥҥи туругунан кэккэ улуустарга ыксаллаах балаһыанньаны олохтуур туһунан боппуруос көрүллэр. Бу улуустарга суһал штабтар тэриллэн үлэлииллэр. Тыа хаһаайыстыбатын салаалара хонтуруолларын күүһүртүлэр.
«Ыксаллаах балаһыанньа биллэриэх иннинэ кэтээн көрүү үлэтин ыытабыт. Идэһэ өлөрүүтүн кэнниттэн миэрэ ылыллыа. Сылгы күүскэ ырар түгэнигэр идэһэ буолар сылгылары күүскэ туһанан, соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр нөҥүө мэктиэлээх атыыны туһаныахпыт дии саныыбын», — диэн СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын салайааччыта Артем Александров кэпсээтэ.
Саха сиригэр сылгы ахсаанын энчирэппэт кыстыгы туоратар туһугар үлэ саҕаланна, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».