Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу уонна реконструкциялааһын салҕанан барар. 2022 сыл бүтүөр диэри тыа сиригэр 27 фельдшерскай-акушерскай пуун уонна быраас амбулаторията үлэҕэ киириэхтээх.
Ол туһунан СИА-ҕа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Бу сылга ФАП-тар уонна быраас амбулаториялара киирэллэр: Чкалов Аллайыаха, Харбалаах Үөһээ Бүлүү, Нелемное Үөһээ Халыма, Абаҕа Өлүөхүмэ, Андрюшкино Аллараа Халыма, Үс Күөл Уус Алдан, Сайдыы Дьааҥы, Усть-Куйга Усуйаана, Белькачи Уус Майа, Абаҕа Амма, Күһүр Булуҥ, Нүүйэ Ленскэй, Аппааны Нам, Хатыҥ-Сыһыы Ньурба, Томтор Өймөкөөн, Уһун Күөл Сунтаар, Иенгра Нерюнгри, Хорообут Мэҥэ Хаҥалас, Уулаах-Аан Хаҥалас, Ленинскэй Алдан, Налимск Орто Халыма, Хайыһардаах Дьааҥы, Кустуур Эбээн Бытантай, Саһыр Муома, Хайыр Усуйаана, Бөтүҥ Бүлүү уонна Тулагы Тулагы-Килдэм.