«Өлүөнэ өрүскэ муус сүрүн чааһа Ленскэй оройуонунан устар. Витимҥэ сууккаҕа уу таһыма 40-60 см. Мууһа аҕыйах. Муус аллара тардыыта Ленскэйтэн 10 км аллара баара бэлиэтэнэр. Уу таһыма 721 сантиметр, ыксаллаах бэлиэ 1410. Мууһа элбэх. Үөһээ тардыыта — Ленскэй оройуонун Хамра нэһилиэнньэлээх пуунуттан 30 км аллара баар. Мууһа аҕыйах. Муус устуутун уопсай уһуна – 53 килэмиэтир. Сууккаҕа 10 килэмиэтир айаннаата», — диэтэ Дмитрий Садовников.
Алдан өрүскэ муус Кэбээйи, Уус Алдан, Томпо оройуоннарын территорияларынан устар. Аллараа тардыыта Кэбээйи Батамайынан баар. Уу таһыма 678 см, ыксаллаах бэлиэ 1120 см. Мууһа хойуу. Үөһэ тардыыта— Томпо Охотскай Перевоһугар бэлиэтэнэр. Уу таһыма – 514 см, ыксаллааҕа 1190 см. Мууһа сэдэх.
Амма, Бүлүү, Халыма өрүстэр муустарын барыытын туһунан сиһилии манна аах.