15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Суруйааччы Анна Варламова-Айысхаана «Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» романын иккис чааһа киэҥ араҥаҕа сүрэхтэннэ

09:39, 18 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Национальнай библиотека Историческай саалатыгар «Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» арамаан тула киэҥ кэпсэтии буолла. Икки чаастаах арамаан ааптара – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы Анна Егоровна Варламова-Айысхаана. Айысхаана бу арамаанын бастакы чааһын – 2012 с. иккис чааһын 2015 с. бэчээттэппитэ.


Анна Егоровнаны Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, народнай поэт Наталья Харлампьева, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата Дмитрий Семенов, СӨ култуураҕа миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, Хаҥалас киин библиотекатын библиограба Альбина Наумова, биир дойдулаахтара уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Анна Варламова-Айысхаана бу иннинэ «Хахсаат тыал» (1992 с.), «Күн бэлэҕэ» (1995 с.), «Сүлүһүннээх иннэ» (2005 с.), «Ыраатар бэйэҕин сайыһа» (2007 с.) кэпсээннэр уонна сэһэннэр кинигэлэрин ааҕааччыга бэлэх ууммута.

Дьалхааннаах 1990-с сылларга Саха сиригэр өтөн киирэн эрэр токсикомания, наркомания курдук куһаҕан дьаллыктары эрдэттэн сэрэтэр, сырдатар соругу туруорунан, «Сүлүһүннээх иннэни» суруйбута. Бэйэтэ этэринии, «кэлин хойутаан баран, хобо тыаһын хоҥкуната сылдьыбат курдук».

Хэмингуэй хаһан даҕаны айымньытын тугу да ордорбокко, түгэҕэр диэри суруйан кэбиспэт эбит. Холуодьаска кыраны да буоллар, хаалларан кэбиһэрэ. Мин эмиэ ити тиэмэбин куруук толкуйдуур, өйбөр сааһылыы сатыыр буолан, матырыйааллары хомуйа сылдьыбытым, – диэн Анна Егоровна бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Ол да иһин, Үрдүкү суут, архыып, промышленность эйгэтин, оскуола, балыыһа ааннарын арыйталаан, тустаах исписэлиистэри кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэрэ.

Ити кэмнэргэ олох оҥкула уларыйбыта, ыһыллыы-тоҕуллуу күннээҕи көстүүгэ кубулуйар кутталламмыта, сорох сорохтор көҕүстэрэ кыараан, ыарахаттары тулуйбакка ээл-дээл баран хаалыылара да баара.

Бу күн Айысхаана айар үлэтин суруйааччылар, кириитиктэр ырыттылар.

Гуманитарнай институт үлэһитэ, филологическай наука кандидата Лидия РОМАНОВА:

Киһи бэйэтэ эриллэ-мускулла сылдьар кэмигэр сыана биэрэр, туораттан көрөр курдук кини олоҕун анаарар айымньыга олус наадыйар. Литератураҕа «дьиэ кэргэнинэн ааҕыы» диэн өйдөбүл баар. Ол аата, өйүн туппут оҕо, төрөппүт, кырдьаҕас киһи бары ааҕар айымньылара.

Уопсайынан, Айысхаана учуутал, суруналыыс да быһыытынан, олох оргуйар күөнүгэр сылдьар, олоҕу дириҥник билэр. Ыарахан дьылҕалаах, уйулҕалаах дьону кытта үлэлээбит буолан, ыччат кыһалҕаларыгар ураты болҕомтотун, дууһатын уурара, ыалдьара көстөр. Ити кыһалҕалары көрдөрүөххэ эрэ диэн буолбакка, өр кэмҥэ иитиэхтээн сылдьыбыт санааларын суруйар, ыйааһыннаан көрөр, киһини толкуйдатар. «Оҕо таһыгар мындыр өйдөөх учуутал дуу, төрөппүт дуу баар буоллаҕына, оҕо содур суолга киириэ суоҕун сөп» диэн санаа кини айымньыларыгар куруук баар.

«Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» арамаан аата олус табыллыбыт. Ханалытан этии баар. Арамаан элбэх сюжеттартан, олох кыһалҕаларыттан турар, ол иһигэр, сүрүн сюжетнай линиялаах. Кини кэпсиир түгэннэрин ааҕааччы «мин билэр эбиппин» дии саныыр.

Ааптар тыла-өһө судургу курдук. Ол гынан баран, мындыр судургу. Ааҕарга чэпчэки уонна өйдөнүмтүө. Хас биирдии тылы хараххынан көрөр курдуккун.

Суруйааччы хас да кинигэтин редакциялаан таһаарбыт «Бичик» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Розалия Попова Айысхаана билиҥҥи оҕо уйулҕатын, психологиятын, кинини туох долгутарын барытын ис-иһиттэн билэрин, суоҕу баар гынаары айа сатаан суруйуу суоҕун, ол оннугар биһиги күннээҕи олохпутун дьиҥ баарынан көрдөрөрүн астынан бэлиэтээтэ.

«Чолбон» сурунаалга Айысхааналыын өр сылларга бииргэ үлэлээбит суруйааччы Николай Винокуров-Урсун биир идэлээҕэ киһи улаханнык кыайбат тиэмэтин ылсан, кэпсээннэртэн саҕалаан арамааҥҥа тиийбитинэн ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.

Сурунаалга эппиэттиир сэкиритээр курдук түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, кэпсээннэртэн саҕалаан арамааҥҥа тиийэн кэлбитин биир бэйэм сөҕөбүн уонна хайгыыбын. Биһиги литературабытыгар дьахталлартан улахан арамааннары Анастасия Сыромятникова, Елена Слепцова-Куорсуннаах суруйбуттара. Үһүс киһинэн Айысхаана буолла. Онон, улахан жанрга боччумнаах айымньылары суруйан, литература историятыгар хайаан да киирэр айымньылары утары ууннулар.

Өссө биири бэлиэтээн эттэххэ, улахан жанрга үлэлиир дьахтар-суруйааччы эр киһи курдук хорсун эрэ буоллаҕына, итинник айымньылары суруйар эбит. Анна Егоровнаны оҕо, ыччат, дьахтар суруйааччытыгар киллэриэххэ сөп буолуо эрээри, мин эр киһи суруйааччытын курдук көрдүм. Ол – кини киһи аайы бэриллибэт биир улахан уратыта буолар дии саныыбын.

Мустубут дьон Анна Егоровнаҕа айар үлэтигэр ситиһиилэри, өссө да ааҕааччылары толкуйдатар айымньылары суруйа турарыгар баҕардылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА