Ууга ылларбыт Дьааҥы улууһун Суордааҕыттан «Полярные авиалинии» АХ бөртөлүөттэринэн 27 оҕону Дьокуускайга аҕаллылар. Ил Дархан телеграм-ханаалыгар суруйбутунан, киин куоракка оҕолор «Бэс чагдаҕа» олоруохтара.
«Бэс чагдаҕа» Дьааҥы уонна Кэбээйи оҕолоругар анаан барыта 200 миэстэ бэлэм.
От ыйын 10 күнүгэр үс рейс Дьокуускай — Баатаҕай — Дьокуускай маршрутунан Ан-24 уонна Ан-26 сөмөлүөттэринэн көттө. 127 пассажир уонна 6300 кг таһаҕас кэллэ.
От ыйын 12 күнүгэр ууга барбыт Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүттэн оҕолору Дьокуускайга аҕалыыга рейстар бэлэмнэнэллэр. Барыта, былаан быһыытынан, 44 оҕо кэлиэхтээх.