22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Суордаахха оҕуруот астаах сөмөлүөт тиийдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥы улууһун кииниттэн Суордаахха бүгүн «күөх рейс» быһа көтөн тиийдэ. Сарсын 194 килэмиэтир ыраах сытар Сартаҥҥа айанныаҕа.  


Суордаах Баатаҕайтан ыраах сытар сир. Онтон Сартаҥҥа диэри сайынын суол суоҕун кэриэтэ. Суол туруор диэри саас массыынанан астарын хааччыналар.

Суордаах олохтооҕо А.В. Бурцева: «»Күөх рейс» кэллэ, оҕуруот аһын аҕалла. Аргыый аҕай, үчүгэйдик кэлэн түстэ уонна оннук көттө. Баппакка хаалбыт курууһу халлаан туругуттан көрөн, өйүүн аҕаларга былааннаабыттар. Куоракка диэри 1 киилэтин икки  мөһөөххө туталлар«, — диир.

Сартаң уонна Суордаах нэһилиэктэрин баһылыктара «Якутоптторг» тэрилтэни кытта дуогабардаһан, куруус сыанатын түһэрсибиттэр. Бу тэрилтэ «ОСА» диэн Игнатий Геннадиевич Попов салайааччылаах Намнааҕы авиационнай-техничэскэй кулуубу кытта дуогабардаһан, «Күөх рейсинэн» ыраах айаннаах улуустар нэһилиэктэригэр таһаҕас тириэрдэр.

Сартаң баһылыга Наталья Владимировна Слепцова кэпсиир: «Маннык рейскэ таһаҕаһы тиэйиигэ субсидия көрүллэр. Онон айана ыарахаттардаах ыраах сытар уһук нэһилиэктэргэ олус туһалаах көтүү буолар. Урукку өттүгэр «Полярнай авиалиниялар» таһаҕаһы улуус киинигэр Баатаҕайга сүөккүүрэ, салгыы вертолетунан Барыласка, Сартаңңа диэри тиэллэригэр 1 туонна 800 киилэни эрэ ылаллара».

Бу «Күөх рейс» тустаах нэһилиэккэ быһа тиэрдэрэ хайа да өттүнэн барыстаа5ын этэр.

Суордаах баһылыгын солбуйааччы Семен Афанасьевич: «Оҕуруот аһа, буруукта кэллэ. Сөмөлүөт бэрткэ түстэ. Тыаҕа биэрэк оҥоро сырыттахпына куруустаах сөмөлүөт кэлэрин туһунан биллэрбиттэрэ, бэҕэһээ. Сарсыарда кэлэн портка барбытым. Биир туонна сүүс сэттэ киилэ таһаҕас кэллэ. Сайаапка баар буоллаҕына өссө көтүөхпүт дииллэр. Сарсын Сартаҥҥа көтөллөр».

Ыарахан суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга «Күөх рейс» быһа көтөн тиийдэ. Дьаһал хоту дойду кыһалҕаларын быһаарар соруктаах.

Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА