22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Суоппар уруулга итирик туруктааҕын тута билэр экспресс-тест быйылгыттан баар буолуон сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Техника уруулугар итирик туруктаах олорор суоппардары тута билэр экспресс-тестар ГИБДД-га быйыл баар буолуохтарын сөп. Ол туһунан ТАСС-ка быраабы араҥаччылыыр уоргаттар иһитиннэрдилэр. Дьаһал полиция үлэһиттэрэ суоппар итирик туругун быһаарыыга ыытар бириэмэлэрин кыччатыаҕа, тута балаһыанньаны сөпкө быһаарыаҕа, конфликт тахсыытын тохтотуоҕа.

«ГИБДД инспектордарыгар быйыл суолга итирик туруктаах суоппардары быһаарар анал прибор баар буолуоҕа. Чуолкай даатата сотору биллиэҕэ«, — диэтилэр агентствоҕа.

ТАСС-ка Ис дьыала министиэристибэтэ суолга итирик туруктаах суоппардары тута билэр эспресс-тест оҥоһулларын эрдэ иһитиннэрбитэ.

Биэдэмистибэ биллэрбитинэн, суоппар итирик туруктаах уруулга олорорун бигэргэтииттэн акаастыыр эбэтэр түмүгү кытта сөпсөспөт буоллаҕына, кини тута медицина көрүүтүгэр ыытыллар. Бу ирдэбит РФ КоАП 27.12 ыстатыйатын 1.1 чааһынан көрүллэр.

Госавтоинспекция салайааччыта Михаил Черников эппитинэн, хас 12-с ДТП итирик туруктаах суоппар буруйунан оҥоһуллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА