Суолга сэрэхтээх буолууга ылыллар миэрэлэри күүһүрдэр уолдьаспытын Егор Борисов эттэ

“Бу кэнники айан суолугар тахсыбыт саахаллар үчүгэй туруктаах суолларбытыгар буоллулар. Уруулга эдэр дьон олороллор. Онон манна миэрэлэри ылыахпытын наада”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Егор Борисов “Саха” НКИХ ханаалыгар быһа эфир кэмигэр.


Хомойуох иһин, аҕыйах ыйынан быысаһан федеральнай трассаларга киһи өлүүлээх улахан саахаллар буолуталаатылар. Буолаары буолан, аспаалламмыт үчүгэй туруктаах суолларга. Бу туһунан бэлиэтээн туран, Ил Дархан: “Эппиэтинэһи үрдэтиигэ миэрэлэри өссө күүһүрдэрбит наада буолла. Итиннэ дьону таһыыга көҥүлү ылыы, суолга ханна эрэ хааччахтары киллэрии боппуруостара тураллар. Дьон-сэргэ «суоллары тоҕо оҥороҕут, саахал бөҕө тахсар буолла» диэн кытары этэллэр. Онон тэрээһин өттүгэр миэрэлэри күүһүрдэрбит уолдьаста”, — диэн иһитиннэрдэ.

This post was published on 13.03.2018 09:03 09:03