Бырайыак быһыытынан, куру иилиммэтэххинэ ыстарааба 1000-тан 1500 солк. диэри үрдүөҕэ. Итирик туруктаах массыынаны ыыта сылдьан тутулуннахха – 30000 солкуобайтан 45000 солк. буолуоҕа.
Түргэни улаатыннардахха уонна суол бэлиэлэрин ирдэбиллэрин тутуспатахха: төһө улаатыннарбыккынан көрөн, уруккута 500 — 5000 солкуобай буоллаҕына, билигин 750-7500 солк. тэҥнэһиэҕэ.
Маны таһынан, ыстараабы төһөнөн түргэнник төлүүгүн да, соччонон чэпчэтиллэр кээмэйигэр эмиэ уларыйыы киирбит. Билигин 20 күн иһигэр ыстараап сууматыттан 50 бырыһыаны төлүүллэрин оннугар, тохсунньу 1 күнүттэн суоппардар 30 күн иһигэр 75 бырыһыанын төлүөхтэрин сөп.
Алтынньыга бэрэсидьиэн Владимир Путин массыына нүөмэрин кистээтэххэ балтараа сыл устатыгар быраабыҥ былдьанарын туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Билигин маннык кэһии иһин ыстарааба 5 тыһ. солк. эбэтэр 1-3 ыйга быраабыҥ былдьанар, суруйда Саха сирэ саайт.