Сунтаар нэһилиэгин устудьуоннара сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар. Эдэр дьон тутуу этэрээттэрин кэккэтигэр киирэн, төрөөбүт Сунтаардарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бу маннык үлэлэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын, Ыччат министиэристибэтин дьаһалларынан, бырайыактарынан нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарар сыаллаах тэриллибиттэр.
Билигин төрөөбүт нэһилиэктэрин тупсарар туһугар 19 уол, 6 кыыс үс биригээдэнэн арахсан үлэлии сылдьаллар. Кинилэр үксүлэрэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара. Маны таһынан дойдубут киин куораттарын, Дьокуускай, Мииринэй араас үөрэх кыһаларыттан, Сунтаардааҕы технологическай колледжтан кытары бааллар. Оҕолор от ыйын 8 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри үлэлииллэр.
Кыргыттар кэлэр нэдиэлэттэн үлэлэрин түмүктээтэхтэринэ кырдьаҕас, кыаммат, соҕотох дьоҥҥо дьиэ таһынааҕы үлэни толоруохтара. «Бары устудьуоннар, бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Айылҕаҕа сынньана тахса сылдьыбыппыт. Кыргыттар бэйэбит туһунан, уолаттар икки биригээдэҕэ хайдыспыттара. Үлэбит диэн кырааска, сууйуу-сотуу буолар, оҕо былаһааккаларын, палисадниктары кырааскалыы сылдьабыт», – диэн тутуу этэрээтин аатыттан Лена Тарасова кэпсиир.
Уолаттар Химия микрооройуоҥҥа сырылыыр, футболлуур, роликтыыр сирдээх оҕо былаһааккатын оҥоро сылдьаллар. «Бары бэйэ-бэйэбитин билэбит. Табаарыстарбыт ыҥыран кэлбиппит. Күҥҥэ 8 чаас үлэлиибит. Үчүгэй бөҕө буоллаҕа маннык үлэлиир. Кэлин оҕолорбутугар даҕаны биһиги оҥорбуппут диэн кэпсиэхпит турдаҕа», – дэһэллэр уолаттар.
Устудьуоннар бу иннинэ «Чистый берег» аахсыйаҕа, РТС территориятыгар турбут эргэ уопсай дьиэни көтүрүүгэ, хоруулары ытыыстааһыҥҥа, Тумуһукаан күөлүн муостатын көтүрүүгэ үлэлээбиттэр. Билигин өрүс үрдүнээҕи палисадниктарын сөргүтүү үлэтигэр, оҕо былаһааккатын оҥорууга, хаһыллыбыт хоруулары туоруур муосталары оҥорууга сылдьаллар. Ол кэннэ кинилэри РТС территориятыгар сквер тутуутун субуотунньуга, Тумуһукаан күөлүн туоруур муоста тутуута кэтэһэллэр.
«Атахтара бадарааҥҥа тимирэн хаалбыт муостаны көтүрүөхтээхтэр. Анал көстүүмнээх киириэхпит дии санаабыппыт, сатаммата. Тимирбэт курдук буочукуларынан понтоннай муоста оҥоһуллуохтаах. Оччоҕо арыый бөҕө буолуо этэ. Билигин буочукалары сыбааркалыыллар. Бу маннык үлэ быйыл саҥа саҕаланна, өссө даҕаны үлэлэһэллэрэ буоллар үгүс үлэ тахсыа этэ. Төрөөбүт Сунтаардарыгар бэйэлэрин тус кылааттарын киллэрэллэр. Биһиги матырыйаалынан хааччыйабыт, бэйэлэрэ оҥороллор. Мэһэйдэһэ сатаабаппыт, инструменнары хайдах сөпкө туттарга, тутуу албастарыгар сүбэ-ама биэрэбит», – диир үлэни салайааччы Иван Сахатаев.