Сунтаарга «Якутлесресурс» тэрилтэ баһаарга эмсэҕэлээбит сири чөлүгэр түһэрэр сыаллаах, 30 000 бэс маһы олортулар.
Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Сунтаартан Күндэйэлиир федеральнай суолга 12 км сиргэ улахан баһаар буолбут сирин чөлүгэр түһэрэн мас олортулар. Бэһи Красноярскайтан «Горнайдааҕы автодор» акционернай хампаанньа сакааһынан атыылаһан, биһиги улууска олортулар.
Барыта 30 000 кэриҥэ бэс олордуллан, аны хас да сылынан бэртээхэй сири көрүөхпүт турдаҕа. Бу маннык кэрэхсэбиллээх, күргүөмнээх хамсааһын Сунтаарга 60-70 сылларга эрэ буолбута диэн өр үлэлээбит инженер идэлээх Виктор Гуляев санаатын үллэстэр. Соторутааҕыта Бииктэр «Гражданскай килбиэн» үрдүк ааты ылбыта. Онтон салайааччы Василий Яковлевка «СӨ ойуур хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» ааты иҥэрбиттэрэ.
Федеральнай суол таһынан бу баараҕай сиргэ 2020 сылга улахан баһаар туран улаханнык ыксаталыы сылдьыбыта. Манна ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сүөм түһэн үлэлээбит буоллахтарына, билигин үөрэ-көтө бу сири саҥа тыынныыллар.