22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаарга 1549 ыал дьиэтин уотунан ититиигэ холбоммут

16:39, 08 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаарга 220 кв үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ тутуллуоҕуттан, үгүс ыал уотунан ититиигэ холбонно. Бүгүҥҥү туругунан улуус үрдүнэн 1549 ыал уотунан ититиигэ холбонон олорор. Ол эрээри бөһүөлэк иһинээҕи уот ситимнэрэ быста эргэрбитинэн уонна подстанциялар кыамталара намыһаҕыттан уоттара быста мөлтүүр эбит.

Бу туһунан былырыын эмиэ ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр хас да нэһилиэк олохтоохторо кэпсээн тураллар. Аҥардас ааспыт сыл кыһыныгар Түбэйгэ икки ый иһигэр уоттара 11-тэ арахса сылдьыбыт. Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо, депутат Иван Чагдинскай сорох түгэҥҥэ чаанньыктарын чааһы быһа өрүнэллэрин, уот кыамтата быста мөлтөөн хааларын туһунан бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр иһитиннэрдэ. Онуоха «Якутскэнерго» ПАУо Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэрин салайааччыта Игорь Забегин трансформатордар номнуо атыылаһыллан, сыыйа балаһыанньа көнөн барыаҕын эттэ.

Оттон СӨ дьиэҕэ-уокка, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна энергетикэҕэ миниистирин солбуйааччы Гаврил Левин өрөспүүбүлүкэҕэ уот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэргэ 32 млрд солк. наадатын эттэ. Билигин үп-харчы суоҕунан, бу боппуруос салгыҥҥа ыйанан турар. Онон Сунтаарга төһө даҕаны үрдүк күүрүүлээх уот линията үлэҕэ киирдэр, ол тыа сирин кыһалҕатын толору быһаарар кыаҕа суох.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА