«Биһиги дьиэ кэргэн кыһын, саас сииргэ диэн хаппыыстаны араастык хаһаанабыт. Бүгүн эһиэхэ сөбүлээн астанар, хаһаанар “Витаминнай” салааппыт ырысыабын кытары үллэстэбит. Төһө да ураты ырысыап буолбатар ким эмит туһугар туһаныа диэн эрэнэбит», — диэн суруйда Сунтаар ийэтэ олохтоох хаһыат телеграм-ханаалыгар.
Биһиэхэ наада:
Хаппыыста – 5 киилэ
Моркуоп – 1 киилэ
Болгарскай биэрэс – 1 киилэ
Эриэппэ луук – 1 киилэ
9 бырыһыаннаах уксуус – 4 ост. ньуоска
Саахар – 300 грамм
Мас арыыта – 500 грамм
Туус – 4 ост. ньуоска
Оҕуруоппут астарын уһун синньигэс гына кырбастыыбыт. Эмилированнай иһиккэ барытын кутабыт. Ол кэннэ саахарбытын, тууспутун, мас арыыбытын, уксууспутун кутан баран сэрэнэн буккуйабыт. Сөрүүн сиргэ туруоран хонноробут. Сарсыҥҥытыгар салапаан мөһөөччүктэргэ порция порция кутан тоҥоро “Ларьга” угабыт (тымныыга таһырдьа күүлэҕэ, балкоҥҥа ууруохха сөп).
Минньигэстик аһааҥ, диэн суруйда «Сунтаар Сонуннара» хаһыат телеграм-ханаалыгар.