15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Сунтаар баһылыга улууска тутуу үлэтин билистэ

11:45, 15 августа 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, тутуу управлениетын начаалынньыга Ариан Сергеев тутулла турар саҥа оҕо уһуйааныгар, оскуолаларга, кулууптарга, уопсай дьиэлэргэ сырыттылар.


Сунтаар нэһилиэгэр 80 миэстэлээх оҕо садын территориятын көҕөрдүүгэ уонна ис өрөмүөнүгэр үлэлии сылдьаллар. С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан 350 миэстэлээх духуобунас уонна култуура киинин тутуу бастакы түһүмэҕэ балаҕан ыйыгар бүтүөхтээх. Эһиил тутуу иккис этабын саҕалаары матырыйаалларын ааҕына-суоттана сылдьаллар. Прорабтара – А.Л.Варламов. Тумуһукаан территориятыгар 16 квартиралаах уопсай дьиэ тутуута бара турар. Химия буолатыгар Цеолит уулуссаҕа 240 миэстэлээх оҕо сада тутуллар.

Маар Күөл саҥа оскуолатын тутуутугар олохтоохтор бэйэлэрэ ылсыбыттар. Уһун Күөл оскуолатын сыбаайата бүтэн, билигин нулевой тутуутун бүтэрэр соруктаахтар. Тойбохой кулуубун тас бүрүйүүтүн саҕалаары куораттан биригээдэ кэлэрин кэтэһэллэр.

Дьокуускай куораттан Госстройнадзор кэлэн, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан духуобунас-култуура киин тутуутун хонтуруоллуу уонна төһө хаачыстыбалаахтык бара турарын бэрэбиэркэлии сылдьар.

Баһылык Анатолий Васильевич Уһун Күөл оскуолатын тутуутун СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Г.И.Данчикованы кытта көрсөн кэпсэтиитигэр, оскуола тутуута тиһэҕэр тиийэригэр туруоруста. Онуоха Г.И.Данчикова саҕаламмыт үлэ бүтүөрҕэр бүк эрэллээҕин эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА