♈️Хой
Түргэнник быһаарыныы ылынарга үлэҕитигэр соһуччу сорудах бэриллиэн, соруктар туруохтарын сөп. Эбиэттэн киэһэ бэйэҕит санааҕытыгар, бириэмэ олох тиийиэ суоҕа, ол эрээри, киэһэ сынньалаҥ иэйиитэ баар буолуоҕа.
♉️Оҕус
Бүгүн оҕус бэлиэлээхтэр уһаппыт-кэҥэппит дьыалаҕытыгар ылсыыһыккыт. Манна эһиги болҕомтоҕут ирдэнэр. Сулустар этэллэринэн, бу күн саҥаҕа буолбакка, уруккуну түмүктүүргэ ананар. Күн устата чугас дьоҥҥутуттан өйөбүл баарын билиэххит.
♊️Игирэлэр
Бээтинсэ эһиэхэ чаҕылхай иэйиилэри, соһуччу үөрүүлэри бэлэхтиэҕэ. Үлэҕитигэр ханнык баҕарар туруоруллубут сорудаҕы чэпчэкитик ылынан толоруоххут. Ол да буоллар, барытыгар биирдэ ылсыбаккытыгар сулустар сэрэтэллэр. Соҕотох игирэлэри интэриэһинэй билсиһиилэр күүтүөхтэрин сөп.
♋️Араак
Араак бэлиэлээхтэргэ бүгүн толору сынньанарга кыах бэриллэр. Тыҥааһыннаах, өрө күүрүүлээх үлэ нэдиэлэтин кэнниттэн бэйэҕитигэр кыра сынньалаҥы биллэриҥ. Эһигини интэриэһэргэппэт кэпсэтиилэртэн куотуна сатааҥ.
♌️Хахай
Бээтинсэ хахайдарга саҥа кыаҕы арыйар күнүнэн буолуоҕа. Үлэҕитигэр хайҕаныаххытын эбэтэр интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрин сөп. Чугас дьоҥҥутугар өйгүтүн-санааҕытын, сүрэххитин арыйарга эмиэ үөрэниҥ, кыһаныҥ. Бу эһиэхэ үчүгэй эрэ өрүттэри аҕалыаҕа. Соҕотох хахайдары тус олохторугар интэриэһинэй көрсүһүү күүтүөн сөп.
♍️Кыыс
Кыыс бэлиэлээхтэр, сөбүлүүр киһигитин эбэтэр истиҥ доҕоргутун кытта сынньана бараргытыгар олус табыгастаах күн. Үлэ күнэ чуумпутук ааһыаҕа эрээри, киэһэ бэрт кыратык сылайа быһыытыйбыккытын эккитинэн-хааҥҥытынан билиэххит.
♎️Ыйааһын
Ыйааһыннарга бээтинсэ соччо судургута суох буолуон сөп. Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар, туруоруллубут сорудахтар ноҕоруусканы эрэйэллэр. Барытын тута ситиһэ сатыаҥ да, сыыһаны-халтыны таһаарыаххын сөбүн умнума. Күүскүн, өйгүн-санааҕын биир дьыалаҕа уур. Тус олоххор тахсар мөккүөртэн куотунар ордук. Тулуурдаах буолуҥ.
♏️Скорпион
Бүгүн скорпионнар кистэнэ сылдьар талааннарын арыйыахтарын сөп. Олус кыһалыннаххытына, үлэҕитигэр төһө кыахтааххытын көрдөрүөххүтүн сөп. Ол эрээри, олус нөҥүөлээн тиэрэ түһүөххүтүн сөп диэн сулустар сэрэтэллэр.
♐️Охчут
Бүгүн охчут бэлиэлээхтэр хас да соругу тэҥинэн быһаарсыаххыт. Барытын кыайа-хото тутарга эһиэхэ эрчимҥит, күүстээх баҕа санааҕыт көмө буолуоҕа.
♑️Чубуку
Чубуку бэлиэлээхтэр бүгүн ис туруккут чөл буоларыгар кыһаллыаххыт. Үлэҕитигэр барыта холку курдук эрээри, кыра өйдөспөт быһыыттан-майгыттан кыыһыран тымтан туруоххутун сөп. Барытын сүрэххитигэр чугастык ылыммаккытыгар сулустар сүбэлииллэр.
♒️Күрүлгэн
Бу күн күрүлгэннэргэ элбэх үөрүүнү бэлэмниир. Чугас доҕоргуттан үөрүүлээх сонун истиэххитин сөп. Сүрүнэ – дьону кытта кэпсэтэртэн куттанымаҥ. Киэһээҥҥи өттүгэр сынньанаргыт наада.
♓️Балык
Балык бэлиэлээхтэр бүгүн сэрэнэн сылдьаргыт эрэйиллэр. Эчэйиилэри ылбат инниттэн сэрэнэн тутта-хапта сылдьыҥ, дьыалыга-куолуга күүтүллүбэтэх уустуктар үөскүөхтэрин сөп. Үлэҕитигэр сыыһа өйдөһүү тахсыбатын инниттэн, эһигиттэн тулуурдаах буолуу ирдэнэр.
Аһаҕас источниктан ылылынна