Хой
Айар дьоҕургун уһугуннараргар табыгастаах күн үүнүүһү. Төбөҕөр араас идеялар киириэхтэрэ. Саамай баҕарбыт ыра санааҕын олоххо киллэрэргэр сулустар көмөлөһүөхтэрэ.
Оҕус
Олус ыктарыылаах күн эйигин кэтэһэр. Онон ньиэрбэҕин хонтуруоллаан, араас иирсээҥҥэ киирбэт гына дьаһанарын ордук. Сөпкө тыыныы эн холкутуйаргар көмөлөһүөҕэ.
Игирэлэр
Тулалыыр дьоҥҥун кытта алтыһыы эйиэхэ ситиһиини түстүөҕэ. Билсэр дьоҥҥун кытта инники былааннаргын торумнаа. Кинилэри кытта кэпсэтии эн инникигэр көмөлөөх буолуоҕа.
Рак
Дьиэ кэргэнинэн көрсүһүү эн күҥҥүн ураты тыынныаҕа. Бу күн чугас дьоҥҥун кытта биир ситимнээх буолуугун билиэҕиҥ. Дууһаҕын дьиэ кэргэн сылааһынан толоруоҥ.
Хахай
Билбэт киһиҥ көмөлөһөргө илиитин утары уунуоҕа. Онон кини махталын билиэҥ. Дьон көмөтүн махталынан ылын.
Кыыс
Араас түгэннэринэн уонна санаарҕааһыннарынан уратылаах күн буолуоҕа. Болҕомтолоох буолууҥ мантан тахсаргар көмөлөһүөҕэ.
Ыйааһын
Аһаҕас уонна чиэһинэй буолууҥ тулалыыр дьонун сэҥээриитин ылыаҕа. Бэйэҕин истиҥник уонна эйэ дэмнээхтик тутуннаххына, кинилэр сөбүлэҥнэрин уонна ытыктабылларын ылыаҥ.
Скорпион
Бэйэҥ интэриэскэр хаттаан ылыс. Сөбүлүүр дьарыккар бириэмэҕин анаа. Искусство уонна тулалыыр малыҥ кэрэтэ угуйуо, ураты тыыны киллэриэ.
Охчут
Медитация уонна рефлексия эн туруккун тупсарарга көмөлөһүөҕэ. Билигин буола турары сыаналыырга бириэмэтэ анаа. Оччоҕо билиҥҥи туруккун чопчулуоҥ.
Чубуку
Кыра да харчыны барааһын эн бюджеккар охсуулаах буолуон сөп. Онон, ону бэрэбиэркэлэнэриҥ тоҕоостоох. Сэрэххин сүтэрбэтин ордук.
Күрүлгэн
Интэриэһин саҥа тиэмэтин уонна биридимиэтин билис. Бу эн интеллектуальнай кыаххын күүһүрдүөн сөп. Билбэтэх билиигин билэ сатаа, муударай буол.
Балыктар
Комфортнайдык олорбуккун тохтотон, билбэтэх эйгэҕин билэ сатаа. Саҥа уопуту, билиини арыйар кыаҕын чугас баарын билиэҥ.
Аһаҕас источниктан