Хой ♈️
Санааҥ күүһүгэр итэҕэй уонна харса суох инниҥ хоту бара тур, саҥа саҕахтары арыйаргар көмөлөөх буолуо.
Оҕус ♉️
Сайдарыҥ, үрдүүрүҥ туһугар сыыһаҕын билинэртэн куттаныма.
Игирэлэр ♊️
Истиҥ, эйэҕэс буолуу эрэли үөскэтэн, сыһыаны ордук суолталыыр уонна бөҕөргөтөр.
Араак ♋️
Бэйэҥ тускар кыһамньылаахтык сыһыаннас, оччотугар эн ис туругуҥ, холку быһыыҥ тулалыыр дьоҥҥор үтүө өрүтүнэн дьайыаҕа.
Хахай ♌️
Саҥа саҕалааһыннарга аһаҕас буол уонна чугас дьоҥҥун кытта инники былааннаргын үллэстэргиттэн кыбыстыма.
Кыыс ♍️
Олус элбэх түбүккэ баттаттаххына, куттаммакка көмөтө көрдөө. Бу туох да омнуота суох.
Ыйааһын ♎️
Чугас киһиэхэр эйэлээх сыһыан сүппэтин туһугар, тыл тылга киирэ сатаа, кинини өйдөө.
Скорпион ♏️
Ыарахан балаһыанньаҕа быһаарыныы ылынаргар, интуицияҕын туһан.
Охчут ♐️
Сынньаныы суолталааҕын умнума, күүскүн-уоххун сөргүтэргэ көмөлөһүөҕэ.
Чубуку ♑️
Үлэҕин уонна тус олоххун дьүөрэлээтэххинэ, ноҕоруусканы тумнуоҥ.
Күрүлгэн ♒️
Бодоруһуу, билсииһии, алтыһыы суолталааҕын умнума, тулалыыр дьону кытта сибээскин бөҕөргөтүөҕэ.
Балыктар ♓️
Чугас киһигин кытта аһаҕас, истиҥ кэпсэтии итэҕэли уонна дириҥ сибээһи олохтуоҕа.