Сайыҥҥы кэмҥэ нэһилиэнньэ субсидиялаах билиэккэ наадыйыыта улаатарынан, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан эбии чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарар туһунан быһаарыы ылылынна.
«Росавиация» тэрилтэ салгын айаныгар дьон тиийимтиэлээх буоларыгар бэс ыйын 7 күнүгэр федеральнайдааҕы бюджеттан субсидия биэриитигэр авиатаһааччыларга талыы биллэрбитэ. Маршруттар РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэммиттэрэ.
Саха сириттэн «Якутия» АХ Дьокуускай — Санкт-Петербург хайысханан чэпчэтиилээх тарыыптарынан көтүүнү оҥорууга бэлэмин туһунан сайаапка ыытыллыбыта, пассажир сааһыгар хааччаҕа суох.
Маннык курдук сайаапка «АЛРОСА» АХ бэлэмнэнэр.
Талыы түмүгүнэн, субсидиялаах авиабилиэттэри эбии атыыга таһаарыы саҕаланыаҕа.